Балаҕан ыйын 3 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар «Кыайыы диктана» тэриллибитэ. Онно биһиги волонтердар быһыытынан үлэлээн, диктант суруйа кэлбит дьоннору регистрациялаабыппыт уонна толорор илиистэрин түҥэппиппит. Бу тэрээһиҥҥэ бэйэбит эмиэ кыттыбыппыт.
Манна Улуу Кыайыы туһунан билиини бэрэбиэркэлээн, 25 ыйытыылаах тургутугу 11 үөрэнээччи уонна 15 учуутал холонон көрбүтэ. Бары кыттыбыт дьоҥҥо электроннай грамота ыыталлар. Киһи дьиэтиттэн да олорон маннык диктаҥҥа кыттыан сөп, ол эрээри оскуолаҕа кэлэн оҕолору кытта тэҥҥэ толордоххо, киһи хантан да устубат, Интэриниэти туһаммат, онон билииҥ дьиҥнээх буолар.
Стас ГРОМОВ,
М.Е. Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын 8-с кылааһын үөрэнээччитэ.
keskil14.ru