Быйыл Кыайыы 80 сыла. 1941-1945 сыллар – бу Аҕа дойду улуу сэриитин ыар сылларын биһиги көлүөнэ оҕолоро үөрэтиэхтээхпит, билиэхтээхпит. Хос эбэлэрбит, эһэлэрбит оонньооботох оҕо саастарын, кыра эрдэхтэриттэн ыарахан үлэҕэ эриллэн кыайыыны уһансыбыттарын туһунан билэн-үөрэтэн, инники бэйэбит оҕолорбутугар кэпсиэх тустаахпыт.
Мин хос эһэм Васильев Егор Никифорович – тыыл бэтэрээнэ этэ. Кини 1895 сыллаахха Сунтаар оройуонун Чакыр нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр бастакы оҕоннон күн сирин көрбүтэ. Аҕата Ньикииппэр оҕонньор кыра уолун Михаил Ньикиипэрэбиһи үөрэхтээх киһи буоллун диэн 1927-1928 сылларга Элгээйигэ оскуолаҕа истопниктаан үөрэттэрбитэ. Кэлин ол уола сэрии кыттыылааҕа, Саха АССР үтүөлээх учуутала буолбута.
Дьөгүөр 1928 сыллаахха Угут күөлтэн Леонтьева Мария Ивановнаны сүктэрэн аҕалан ыал буолбуттара. Сэрии ыар сылларыгар 8 оҕолоох этилэр. Дьөгүөр колхоз тутаах үлэһитэ, сылгыһыт этэ. Сарсыарда эрдэ, халлаан сырдыан иннинэ үлэлии баран баран киэһэ оҕолор утуйа сыттахтарына кэлэн аһаат утуйара. Эһэм Владимир Егорович ахтарынан, оҕолор аҕалара кэлэрин кэтэһэн утуйбаттар, кэллэҕинэ бары тахсан остуол тула тураллар эбит, ону оҕонньор лэппиэскэтиттэн быһан ылан оҕолоругар биэрэн баран бэйэтэ кур аччык утуйар уһу. Эбэбит мөҕө-этэ сатыыр да истибэттэр үһү. Сут дьылга сылгыһыт буолан ойуурга куобахха хапкаан иитэн, балыктаан биир да оҕотун хоргуппатах. Ол быыһыгар өссө эбэбит Мария Ивановна дьонноро хоргуйан өлбүт Иванов Алемфий диэн уолу оҕонньоро суоҕар кистээн аһатан киһи гыммыта диэн кэлин Алемфий бэйэтэ кэпсиир эбит этэ. Бу киһи кэлин улаатан элбэх оҕолоох ыал аҕата буолбута.
Мин сэрии ыар сылларыгар үлэлээн, элбэх оҕону хоргуппакка киһи гынаттаабыт эһэбинэн Васильев Егор Ньикииппэрэбиһинэн киэн туттабын.
Васильев Егор,
8 кылаас үөрэнээччитэ,
Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата,
Күндэйэ, Сунтаар улууһа.