Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы нэһилиэгин олохтоох дьаамсыктарын историятын кэпсиир «Ямщицкий дом-музей» туһунан «Эркээйи» култуура киинин испэсэлииһэ Варвара Соловьева билиһиннэрэр.
Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы нэһилиэгэр олохтоох дьаамсыктар историяларын кэпсиир «Ямщицкий дом-музей» баар. Бу музей үлэтин 2013 сылтан саҕалаабыта. Музей арылларыгар көҕүлээччинэн уонна тэрийээччинэн «Ленские зори» диэн ааттаах нуучча норуоднай ырыаларын толорор ансаамбыл буолар. Саха сирэ Арассыыйаҕа холбонуоҕуттан, Туймаада хочотугар тутуллубут Дьокуускай острога Хоту Муустаах муора уонна Чуумпу океаннар баар Хотугулуу Илин Сибиири баһылааһын уонна экономическай, политическай баһылааһын тирэҕинэн буолбута. Ол иһин Санкт-Петербург куораты кытта ситимниир казеннай почтовай тракт олохтоммута. Сибиири курдаттыыр суол государственнай суолталааҕа, онон почтовай трагы тэрийии, үлэлэтии воевода саамай тирээн турар соругунан буолбута. 1730-1740 сыллардаахха почтаны тиэрдэргэ түүннэри-күннэри сүүрдүү ирдэбилэ турбута. Ол кэмнэри санатар кэрэһиттэринэн бу мусуойга мунньуллубут былыргы экспонаттар буолаллар. Ол курдук, манна биир сүдү суолталаах экспонатынан, түмэл (мусуой) аһыллыытыгар «Потомки государевых ямщиков» общественнэй тэрээһин бэрэссэдээтэлэ А.А.Добрянцев уонна ол тэрээһин чилиэнэ, суруйааччы А.Д. Соколов бэлэхтээбит, тимир почтовай дьааһыктара буолар. Бу дьааһык 1913 сыллаахха Лысковскай кузнечно-слесарнай артельга государственнай сакаас быһыытынан оҥоһуллубут. Бүтүннүү тимир, иккис түгэхтээх, ис өттө туспа уһуллан кэлэр уонна икки бүк хатааһыннаах бөҕө-таҕа оҥоһуулаах мал. Маннык дьааһык иһигэр харчы, судаарыстыбаннай докуомуоннар, сыаналаах маллар угуллар эбит. Маннык почтаны анаан сэбилэниилээх казактар харабыллаах, арыаллаах эрэ айаҥҥа туруналлара.