Быйыл сайын буолаары турар VIII “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга саҥа спорт көрүҥүгэр Го интеллектуальнай оонньуу киирдэ. Бу көрүҥҥэ биһиги оскуолабытыттан 5 кылаас үөрэнээччилэрэ Фомина Настя уонна Седалищева Нарыйа кыттаары бэлэмнэнэллэр. Кинилэртэн биирдэстэрин көрсөн кэпсэттибит.
– Үтүө күнүнэн! Бастатан туран бэйэҕин билиһиннэр.
– Мин Фомина Настя диэммин, С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар 5 “б” кылааска үөрэнэбин.
– Бу Го интеллектуальнай оонньуунан хас сыл дьарыктанныҥ уонна тоҕо бу көрүҥү талбыккыный?
– Гонан быйылгыттан дьарыктанабын. Эрдэ кыра кылаастан шашканан сөбүлээн дьарыктанар этим, онтон Го оонньууну интэриэһиргээн бу көрүҥҥэ көспүтүм. Гону талбыт биир биричиинэм – киһи логическай, математическай толкуйун сайыннарар көрүҥ буолар.
– Эйигин ким дьарыктыырый?
– Миигин Чурапчы орто оскуолатын учуутала Захарова Надежда Гаврильевна дьарыктыыр. Кини бу көрүҥү өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар биир бастакынан саҕалаабыт тренер буолар. Ону таһынан Дьокуускай куораттан Александр Сергеевич Федоровка эбии онлайн дьарыктары ылабын.
– Бу көрүҥҥэ туох ситиһиилэрдээххиний?
– Го оонньуу рейтинговай буолан сааһынан уонна кыыс-уол диэн арахсыбакка бары тэҥҥэ киирсэр күрэхтэрэ буолар. Мин «Мартовский лев» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирага бу саас кыттан 60-тан тахса киһиттэн 20 миэстэ буолбутум. Эппитим курдук, манна улахан киһи, оҕо диэн арахсыбакка оонньуугун. Онон көрдөрүүм куһаҕана суох дии саныыбын. Ону таһынан дальневосточнай федеральнай уокурук чемпионатыгар уонна ДФО турнирыгар кыттан эмиэ куһаҕана суох көрдөрүүлээхпин. Кыыргыттарга туһунан рейтинг таһаарар буоллахтарына, мин Республикаҕа биэс бастыҥнар истэригэр киирэбин.
– Настя, эппиэттэриҥ иһин улахан махтал, «Азия оҕолоро» күрэххэ кыайыыны-хотууну баҕарабын.
Кэпсэттэ Артем Седалищев,
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын
5 «в» кылаас үөрэнээччитэ