Ааһан эрэр 2023 сыл оҕо литературатыгар биир бэлиэ суолталаах түгэни тосхойон ааста.
Аҕыс ый аннараа өттүгэр, муус устар ыйга «Алта» кинигэ кыһатын салайааччыта, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Зинаида Архипова, «Саха сирин суруйааччылара» ассоциация бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров уонна өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр урбаанньыт, Ил Түмэн VI Ыҥырыылаах Мунньаҕын депутата, меценат Руслан Федотов оҕо литературатыгар 500 тыһ. суумалаах бириэмийэни олохтуур туһунан Сөбүлэҥҥэ илии баттаспыттара.
Руслан Еремеевич Федотов олоҕор кинигэ, остуоруйа кырата суох миэстэни ылар. Күн сирин көрүөн иннинэ аҕата ийэтигэр нуучча улуу суруйааччыта А.С. Пушкин “Руслан и Людмила” айымньытын ааҕара эбитэ үһү. Онтон сиэттэрэн кинини уонна балтын ол остуоруйа геройдарын ааттарынан сүрэхтээбитт буолуохтарын сөп. Оҕо сырыттаҕына, аҕата киэһэ утуйуох иннинэ барыларыгар доргуччу кинигэ ааҕар эбит. Сүрдээх үчүгэйдик, ылыннарыылаахтык ааҕар буолан, остуоруйалары киинэ көрө сытар курдук харахтарыгар ойуулаан көрөллөрө. Ый кыыһын туһунан остуоруйаны истэн баран, тулаайах кыыһы наһаа аһыммытын билигин даҕаны умнубат. Кыһын ыйдаҥалаах киэһэ таһырдьа тахсан, оргуһахтаах кыыс ыйга соҕотоҕун сылдьара буолуо диэн хараҕар оҥорон көрөн олус хараастара.
16 айымньы
Сөбүлэҥ чэрчитинэн, орто саастаах оҕолорго аналлаах сахалыы тылынан уус-уран айымньыны суруйууга күрэс биллэриллибитэ. Уопсайа 18 үлэ киирбититтэн, икки үлэ күрэс балаһыанньатын ирдэбилигэр эппиэттээбэтинэн, сыыйыллыбыт.
Дьүүллүүр сүбэҕэ биэс киһи үлэлээтэ: саха норуотун суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ, поэт, суруналыыс Гаврил Андросов, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрин солбуйааччыта, Саха сирин үтүөлээх суруналыыһа, прозаик, тылбаасчыт Данил Макеев, «Айыы кыһата» национальнай гимназиятын саха тылын уонна литературатын учуутала Александра Матвеева, «Айыы кыһата» национальнай гимназия XI кылааһын үөрэнээччитэ Анжелина Ильина.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Елена Слепцова-Куорсуннаах бэлиэтээн эппитин курдук, бу күрэһи кытта тэҥҥэ оҕо литературата инники хайдах буолуохтааҕа эмиэ тэҥ кэрдиискэ турда: «Ол иһин олус эппиэтинэстээх үлэни биэс киһи ылынан үлэлээтибит. Литератураҕа дьүүллүүр сүбэ диэн айымньыны быраас ырытан көрөрүгэр тэҥнээх. Итэҕэһин-быһаҕаһын, ааптар тугу этиэн баҕарбытын – барытын күүскэ чинчийэҕин».
Күрэскэ киирбит 16 айымньы итинник киэҥ ырытыыны ааһан, Руслан Федотов олохтообут 500 тыһ. суумалаах бириэмийэтин хаһаайынынан ким буолбутун ахсынньы 18 күнүгэр биллибит.
Оҕолорго анаан суруйуу дуу, оҕолор тустарынан суруйуу дуу?
Саха норуотун поэта, Саха сирин суруйааччылыран сойууһун бэрээссэдээтэлин собуйааччыта Наталья Харлампьева бу күнү саха литературатыгар тоҕо үөрүүлээх бэлиэ күн буоларын туһунан бэйэтин санаатын маннык эттэ:
– Бу тэрээһин элбэхтик сырдатыллара, көстөрө буоллар диэн баҕа санаа баар. Биһиэхэ Руслан Еремеевич саҕа норуотун, дьонун туһугар үлэлээбит, үлэни көрбүт уонна ол сыанатын ылыммыт, өйдөөбүт дьоннор бааллар. Оҕо литературата хаалан иһэр диэн этэр сүрэ бэрт курдук. Арай кэнники сылларга оҕолорго анаан суруйуу уонна оҕолор тустарынан суруйуу икки ардын сороҕор араарбат курдук буолан ылабыт. Инньэ гынан биир өттүттэн чуолкайа суох, биир өттүттэн баҕар, өйөбүлэ суоҕуттан буолуо, хааллар хаалан испит курдук.
Урукку кэмнэргэ, 70-80-с сылларга, Сэмэн Данилов, Моисей Ефимов, Петр Тобуруокап курдук улахан суруйааччыларбыт бука бары оҕолорго анаан суруйбут айымньылардаахтара. Манна олорооччулар үксүгүт ол айымньылары ааҕан улааппыт буолуохтааххыт. Ити үгэс кэнники кэмҥэ улам-улам мөлтөөн иһэр курдук. Улахан дьоҥҥо суруйар поэттар, биһиги, оҕолорго анаан бэрт аҕыйаҕы суруйабыт.
Бу үс Амма дьоно бэйэ-бэйэлэригэр таба тайансан, тыл тылларыгар киирсэн, бириэмийэни олохтообуттарыгар, бастатан туран, саха литературатыгар бүгүн үлэлии сылдьар суруйааччылар ааттарыттан махтаныахпын баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, Руслан Еремеевич олохтообут бириэмийэтин суумата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн судаарыстыбаннай бириэмийэлэр харчынан экваваленнарыгар тэҥнээх диэн этиэххэ наада. Онон бу – сүрдээх дьоһун бириэмийэ.
Күрэскэ 20-ча киһи кыттыбытын үөрэ иһиттим. Ол харчыга эрэ интэриэс буолбатах. Бу – болҕомто ууран эрэллэр, бу – оҕолорбутугар наада, меценаттар өйдүүллэр эбит диэн санааттан кыттыбыт буолуохтаахтар диэн бүтэйдии эрэнэбин.
Үтүө үтүөнү үөскэтэр
Күрэскэ киирбит үлэлэртэн хайдах биир эрэ кинигэ тахсыаҕай, атын тыыппалаах айымньылары сир-халлаан икки ардыгар хаалларан кэбиһиэхпитий диэн санааттан тэрийээччилэр биир сонун хайысханы тобулбуттар. Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин бэчээтинэй бородууксуйанан хааччыйыыга тэтимнээхтик сайдан үлэлии олорор «Дани-алмас» хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Д.Н. Скоболеваны кытта кэпсэтэн, кини утары баран, өйөөн, кыайыылаах айымньы таһынан, өссө түөрт айымньы кинигэтин бэчээттээн таһаарыыга сөбүлэспит. Онон бу күн кылгас испииһэккэ киирбит кыайыылаах кинигэ таһынан өссө түөрт кинигэни бэчээттээн таһаарыыга «Дани-алмас» хампаанньаны кытта Сөбүлэҥ түһэрсиитэ буолла.
Күрэс бастыҥ ааптардарынан Ангелина Васильева («Аптаах таас»), Николай Бурнашов («Үстүөпэ сырыылара»), Любовь Матвеева –Сүүмэх («Дойдулаах оҕо»), Розалия Винокурова («Сайын») ааттаннылар. Ааптардар айымньылара ситэн-хотон эһиил «Дани-алмаас» хампаанньаҕа бэчээттэнэн тахсалларын туһунан туоһу суруктары туттулар.
Оҕо литературатын инникитин туһунан
Дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтарга туоһу суруктары туттаран баран, бэйэлэрин саналаарын үллэһиннилэр. Онон бу күрэс, чахчы, оҕо литературатын инникитин туһунан толкуйдатар түһүлгэнэн буолла.
Гаврил Андросов, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ, поэт, суруналыыс:
– Оҕо литературата биһиэхэ суох буолбатах, баар. Ол эрээри бэйэтин дьаалатынан баран иһэр. Ыччат сүрдээҕин уларыйда. Айти үйэтигэр оҕо информацияны олох кыра эрдэҕиттэн баһылыыр буолла. Онно сөп түбэһэр, кини интэриэһин тардар айымньы баар буолуохтаах диэн өйдөбүлгэ таба тайанан, Зинаида Архипова биир санаалаахтарын оҕо литературатын тула түмтэ. Бу көннөрү күрэс буолбатах. Манна киирбит айымньы хайдах чочуллан тахсыахтааҕа, онуоха туох ирдэбиллэр туруохтаахтара – барыта ыраҥаланан, сааһыланан тахсар. Бу бириэмийэни олохтооччу Руслан Еремеевич Федотов саха меценатствоҕа аныгы кэмҥэ саҥа таһымнаах хардыытын быһыытынан сыаналыыбын.
***
Данил Макеев, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрин солбуйааччыта, Саха сирин үтүөлээх суруналыыһа, прозаик, тылбаасчыт:
– Кинигэни ааҕар оҕо тыла-өһө баай буолар, толкуйдуур өйө сайдар. Ол ханнык баҕарар идэни баһылыырыгар, киһи буолан тахсарыгар туһалаах. Биһиги учууталбыт Баһылай Бырдьаҕаанап «норуот күүһэ өйүгэр, өйүн күүһэ тылыгар» диэн эппитэ баар. Онон бу күрэс ыччаппыт сахалыы ааҕарыгар, сахалыы толкуйдууругар төһүү буолуоҕа диэн сыаналыыбын. Бу норуот инникитин, кэскилин быһаарар суолталаах күрэс.
***
Александра Матвеева, «Айыы кыһата» национальнай гимназиятын саха тылын уонна литературатын учуутала:
– Оҕо литературата бу биһиги саха тылын учууталларын «ыарыыбыт» буолар. Орто саастаах оҕолорбут ааҕар айымньылара, хомойуох иһин, олус сэдэх. Биһиги тылбааска улааппыт, Лев Толстойу сахалыы аахпыт дьон буолабыт. Холобур, билигин Гарри Поттер сахалыы тылбааһа баара буоллар улаатан эрэр оҕолор ааҕыахтара этэ дии саныыбын.
Оҕо орто сааһыгар, алын кылааһы бүтэрэн баран, 5-с кылаастан саҕалаан ааҕар буолар. Онно аналлаах айымньылар наадалар. 70-с сылларга улахан суруйааччылар бары күргүөмүнэн суруйаллар этэ. Биһиги, бука, баһаалыста, итиннэ ылсыаххайыҥ диэн этиэхпин баҕарабын. Тоҕо диэтэххэ, киһи оҕо сылдьан аахпатаҕына, сатаан аахпат. Улаатан баран ааҕыам эҥин оруна суох. Оҕо ааҕар эбэтэр аахпат.
Мин күрэскэ киирбит Сүүмэх айымньытын сөбүлээбитим. Бу сиппит-хоппут айымньы. Дьиҥ чахчы буолбут түгэҥҥэ олоҕурбут. Наталья Ивановна Харлампьева эппитин курдук, оҕоҕо анаан суруйуу эбэтэр оҕо туһунан суруйуу икки ардын көрүөхпүтүн наада. Туоһу сурук туппут ааптардар салгыы үлэлэһэн, айымньыларгытын оҕолорго аналлаах гына чочуйан таһаараргытын күүтэбит. Проза чочуллуон сөп.
***
Дьүүллүүр сүбэ саамай эдэр чилиэнэ «Айыы кыһата» гимназия XI кылааһын үөрэнээччитэ Анжелина Ильина күрэскэ киирбит 18 үлэни барытын аахпыт. Оҕо киһиэхэ уустук сорук эрээри, кини мантан чаҕыйбатах. Инники өттүгэр театральнай критик буолар баҕа санаалаах кыыс сахалыы ааҕарын ыарырҕаппат. Айымньылар интэриэһинэйдэрин туһунан этэр. Ол гынан баран тылы аһары сахатытыы ылынарыгар уустугун туһунан этэр: «Холобур, биһиги? оҕолор? «Привет» диибит. Ол тылбыт айымньыга «Бирибиэт» диэн буолбутун ылыммаппын, биһиэхэ сыһыана суох курдук. Айымньылары ааҕарга ордук ити өттүгэр уустуктары көрүстүм. Биһиги тылбыт курдук буолбатах, атын баҕайытык иһиллэр. Онтон сылтаан айымньы ис хоһоонугар кыайан киирбэккин», – диэн Анжелинаны кытта кэпсэппиппэр санаатын үллэһиннэ. Оҕолорго анаан суруйар ааптардар аныгы кэм эдэр ааҕааччытын санаатын болҕомтоҕо ылыахтара дии саныыбын.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, саха норуотун суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах күрэс кыайыылааҕын биллэриэн иннинэ оҕо литературатын туһунан санаатын үллэһиннэ:
– Кылгастык оҕо литературата хайдах сайдан кэлбитин билиһиннэриэҕим. Улахан киһи литературата 6 тыһыынча сыл аннараа өттүгэр үөскээбит эбит буоллаҕына, оҕо литературата диэн олох эдэр: 18-с үйэ ортотуттан саҥа үөскээбит. Онтон Саха сиригэр букатын кэнники 20-с сылларга биирдэ тиийэн кэлбит эбит. Сахабыт сиригэр бастакы оҕо суруйааччыларынан Вера Дмитриевна Давыдова, Анна Денисовна Неустроева курдук, биллэн туран, дьахталлар саҕалаабыттара. Сорохтор бүгүҥҥү күҥҥэ оҕо суруйааччыта барыта дьахтар буолла дииллэр. Биһиги күрэспитигэр кыттааччылар үгүстэрэ эмиэ дьахталлар. Ол гынан баран киһи манна биир сымнатар өрүтүн этиэн наада. Дьахтар киһи оҕону төрөппүт буолан, оҕону ис сүрэҕиттэн, өйүн-санаатын, айымньытын эстетическэй өттүгэр тиийэ көрөр.
Биһиэхэ, 60-с сыллардаахха улааппыт дьоҥҥо, орто саастаах оҕолорго анаан суруллубут оҕо литературата диэн суоҕа. Биһиги оччолорго туох эрэ сырдыкка, фантазияҕа наадыйарбытын өйдүүбүн. Оччотооҕу оҕолор саха суруйааччыларын айымньыларыттан бэйэбит тугу ааҕыахпытын баҕарарбытын син биир булар этибит. Мин, холобур, сүрдээҕин таптаан ааҕар этим «Мааппаны», Тимофей Сметанин «Егор Чээринин», «Лоокутун уонна Ньургуһунун», Эрилик Эристиин айымньыларын. Бу айымньылар оҕолорго анаммыт буолбатахтар. Улахан дьон ааҕар айымньылара. Кэнники «Сүрэх тэбэрин тухары» курдук айымньылар кэлэннэр, биһиги сайдан улаатан иһэрбитигэр туһа буолбуттара.
Онтон бүгүҥҥү күннээххэ оҕо литературатын аан дойду таһымыгар көрдөххө, күүскэ сайда турар. Россияҕа өссө күүскэ сайдар. Оннооҕор «Золотой век детской литература» диэн этэн тураллар. Онтон Сахабыт сиригэр оҕоҕо үлэлээбэт суруйааччылар диэн суохтар. Хас биирдии суруйааччы оҕоҕо анаан суруйар. Холобур, саха норуотун суруйааччыта Сэмэн Тумат, саха норуотун поэта Иван Мигалкин айар үлэлэрин оҕо литературатыгар аныыллар. Айысхаана, Огдо курдук суруйааччылар оҕолорго анаан суруйаллар.
Оҕо литературата хаалан иһэр диибит. Биһиги Сахабыт сиригэр, баҕар, буолуо. Тоҕо диэтэххэ, оҕо наһаа сайдыбыт. Хас эмэ бүк кини эрдэ баран хаалбыт. Онтон биһиги ааҕааччыларбытын куоттаран кэбиспиппит. Билигин оҕолорбутугар сөптөөх айымньылары суруйа сатыахтаахпыт.
Билиҥҥи оҕо тенденцията тугуй? Бастатан туран, мин көрүүбэр, соҕотохсуйуу. Эбэтэр ким да кими да истэбэт буолбут үйэтэ. Оннук психологическай туруктаах айымньы, хомойуох иһин, бу күрэспитигэр суох. Эһиэнэ үксэ дидактическай хабааннаахтар. Холобур, Россияҕа сэрии кэмигэр дидактическай иитэр-үөрэтэр оҕо литературатыгар сыалай улахан эпоха буолан ааспыта. Ол 2000 сыллаахтан арыый даҕаны көҥүл тыыннанна диэххэ сөп. Дидактика хайдаҕын да иһин оҕо литературатын хааччахтыыр эбит. Ол гынан баран, сэбиэскэй кэмҥэ тираж наһаа улахан этэ. Өйдүүбүн ээ, Маршак 2 мөл. тираһынан тахсара. Ханна көрдүн да барыта – Маршак, Маршак, Маршак. Бу суруйааччыга, биллэн туран, улахан реклама. Онтон биһиэнэ билигин муҥутаан 2-3 тыһ., саамай өрө көрбүтэ, баҕар, 5 тыһ. буолуон сөп.
Иккис тенденция – текст кыччаата. Үксүн барыта уруһуйга көһөн хаалла. Оннооҕор омуктар оҕо литературатын уруһуйунан эрэ биэрэллэр. Кып-кыра текстыыллар. Салгыы оҕо бэйэтэ толкуйдуур. Биһиэхэ үгэс быһыытынан, үс күннээх түүн олоҥхону истэ үөрэммит дьоннорго, текст син биир наада. Уонна сахабыт тылын нөҥүө оҕо психологическай-моральнай өттө күүскэ сайдар дии саныыбын. Онон биһиэхэ текст наада.
Онтон күрэскэ киирбит үлэлэргэ дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ маннык сыанабылы биэрдэ:
– Биһиэхэ киирбит үлэлэр балачча улахан кээмэйдээхтэр. Үгүстэрэ иитэр-үөрэтэр өрүттээхтэр. Күрэс тэрийээччитэ биһиги иннибитигэр туруорбут ирдэбилэ – билиҥҥи оҕо ааҕар айымньытын талыахтааххыт диэн. Онон ити ирдэбилгэ олоҕуран үлэлээтибит. Бу сиппит-хоппут үлэлэр буолбатахтар. Ити барыта матыыптар, сюжета сайдан иһиэхтээх үлэлэр.
Күрэс кыайыылааҕын айымньыта «Бастакы сээн» диэн ааттаах. Елена Васильевна эппитин курдук, саха литературатыгар Суорун Омоллооҥҥо Айыы сээн диэн геройдаах.
– Онон биһиэхэ хайдах эрэ чугас. Бу сүрдээх интэриэһинэй айымньы, фантастическай да диэххэ сөп. Манна мистика эмиэ баар. Манна уус киһи, буойуттар бааллар. Ол барыта төрүт үгэстэрбитигэр чугас курдуктар. Ол иһин бу айымньы инникилээх диэммит олох эдэр киһини кыайыылааҕынан оҥордубут. Кинини кытта редактор, худуоһунньук күүскэ үлэлэһиэхтэрэ. Кини бу айымньытын кытта бэйэтэ оҕо суруйааччыта буолан үүнэн тахсыахтаах. Итинник матыыптаах үлэлииригэр анаан Валерия Потапованы кыайыылах оҥордубут, – диэн Елена Слепцова-Куорсуннаах Валерияҕа эрэлин биллэрэн туран эттэ.
Эдэр ааптарга Руслан Федотов 500 тыһ. солк. сертификаты туттарда.
Валерия Санкт-Петербургтааҕы библиотечнай уонна информационнай технология техникумугар үөрэнэр.
– Олус улахан эппиэтинэс. Билигин чопчу былаан оҥостон, айымньыбын өссө чочуйан, сайыннарарга үлэлиибин, – диэн Валерия санаатын үллэһиннэ.
Сардаана МАТВЕЕВА