Ийэ сылыгар уонна Ийэ күнүн көрсө биллэриллибит «Ийэбиниин бииргэ астыыбыт» күрэх кыттааччылара Ньурба куораттан Виолетта уонна Александра Германовна Васильевтар.
Виолетта 9 саастаах, Ньурбатааҕы гимназия 3-а кылааһын үөрэнээччитэ. Ийэтигэр көмөлөһөрүн, ордук астыырын сөбүлүүр. Бүгүн кинилэр бырааһынньыктааҕы остуолга минньигэс пицца астаан көрдөрүөхтэрэ.
Тиэстэтигэр наада: 500 г бурдук, сахар — 2 ост. нь., туус — 1 кыра нь., доруоһа — 1 пачка, уу — 1 ыст., мас арыыта — 3 ост. нь.
Начыыныгар: халбаһыы, помидор, тууһаммыт оҕурсуу, сыр, кетчуп уонна майонез.
Сиһилии видеоҕа көрүҥ:
keskil14.ru
2 2
❤