Биһиги оскуолабыт 2007 сыллаахтан өрөспүүбүлүкэ агрохайысхалаах оскуолаларын ситимигэр киирэр. 2011 сылтан өрөспүүбүлүкэ агрооскуолаларын сойууһун чилиэнэ. Күн бүгүн оскуола 36 га бас билэр сирдээх, 4 га иэннээх икки бааһыналаах, 12300 кв. м оҕуруот сирдээх, 200 кв. м теплицалаах, 632 кв. м үөрэтэр-чинчийэр учаастактаах.
Сүрүннүүр үлэбит — ынах иитиитэ, оҕуруот аһын олордуута, биогуумус оҥоруута, оттооһун. Сыл ахсын 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ производственнай быраактыканы ааһаллар. Олунньу ыйтан үлэ практиката саҕаланар.
Быраактыканы сүрүннээн « Агрономия» бырагырааматын ааптара, производственнай үөрэх старшай маастара Галина Григорьевна Исакова салайар. Кини 2006-2020 сс. «Кустук» үлэ лааҕырын салайааччытынан үлэлээн кэлбитэ. Бу сылларга улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ лааҕырдарын күрэхтэригэр биһиги лааҕырбыт бириистээх миэстэлэри ылбыта. Онтон 2012 с. өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ лааҕырдарын күрэҕэр бастыҥ миэстэни ылан, Бүтүн Арассыыйатааҕы форумҥа үлэ лааҕырдарын күрэҕэр кыттар чиэскэ тиксибитэ.
Ол курдук, Сахабыт сирин кыайыылаах лааҕырдарын чиэһин хамаанданан көмүскээн, 32 эрэгийиэнтэн 3 миэстэни ылбыппыт! Бу Бүтүн Арассыыйатааҕы форумҥа элбэҕи көрөн-истэн, уопут атастаһан кэлбиппит.
Быйыл от ыйыттан саҕалаан аҕыйах үбү эрэйэр лааҕыр тэриллэн үлэтин саҕалаата. Оҕуруот аһын көрүү (уу кутуута, от сыыһын хомуйуу, хортуоппуй тээпкэлээһинэ, аһатыы), ол таһынан агробиисинэс хайысхытынан теорияны уонна быраактыканы үөрэтии.
8 кылаас үөрэнээччилэрэ Айта Тобохова, Валерия Тан-Цун бэйэлэрэ оҕурсуу, кабачоктары, күөх үүнээйини, баклажаны көрөн-харайан атыыга таһаараллар, маны таһынан төһө үп киллэрбиттэрин ааҕа-суоттуу үөрэнэллэр.
Миша Задорожный, Айхал Федоров хортуоппуй көмүүтүгэр үлэлэстилэр, Андрей Григорьев, Артем Григорьев, Денис Семенов, Артем Моисеев, Никита Аюшеев, Саина Аюшеева, Айта Тобохова оҕуруот аһын көрүүгэ эмиэ үлэлээтилэр.
Оттооһун биригээдэтин Аркадий Дмитриевич Винокуров салайар, отчуттар — оскуола үлэһиттэрэ маастар А.Г.Олесов, оробуочай С.С.Львов. Оттооһуҥҥа эбии оскуола үлэһиттэрэ, оҕолор күүс-көмө буолаллар.
Быйыл 1961 с. оскуоланы бүтэрээччилэр «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» ыҥырыытын таһааран, учууталлара РСФСР үөрэҕэриитин туйгуна, Ленин уонна Үлэ Кыһыл знамялара, «Бочуот Знага» уордьаннар кавалера А.И.Тимофеева уонна улуус бочуоттаах олохтооҕо Е.Д.Григорьева көҕүлээһиннэринэн, кылаас оҕолоро бары тутуспутунан производствоҕа үлэлии хаалбыттара лоп-бааччы 60 сылын туолла. Бу бачыыны салгыы биһиги кылаас, 1974 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрээччилэр, өйөөн бары тутуспутунан «Оскуола-производство –үрдүк үөрэх» ыҥырыытынан үлэлээбиппит номнуо 47 сылын туолла.
Галина ИСАКОВА (ПАВЛОВА),
«Оскуола-производство –үрдүк үөрэх» 1974 с. выпуһа , СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына, 1 Малдьаҕар нэһилиэгин Сэбиэтин 4,5,6 ыҥырыыларын депутата, химия уонна биология учуутала.