«Кэскил» хаһыат биир эрэллээх доҕорунан Ньурба .Н.И.Кочнев аатынан Хаҥалас оскуолатын «Ыллык» эдкорпоһа буолар. Бу поһу 2011 сыллаахтан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, оҕо бэчээтин ассоциациятын чилиэнэ П.Н.Алексеева тэрийэн үлэлэтэр. Прасковья Николаевна тохсус сылын тиhигин быспакка, эдкордарын уонна бэйэтэ үөрэтэр кылаастарын оҕолорун «Кэскил» хаhыакка 100% суруталларын хааччыйар. Бүгүн кини бэйэтин үлэтин билиһиннэрэр.
Оҕону кыра сааҺыттан ааҕыы эйгэтигэр сирдииргэ, билэр – көрөр баҕатын көҕүтэргэ, айар дьоҕурун сайыннарарга, бэйэтин санаатын толлубакка аһаҕастык этэргэ, туруорсарга, үөрэххэ уонна олоххо ситиҺиилээх буоларыгар «Кэскил» о5о хаҺыата улахан оруоллаах. Билиӊӊи көмпүүтэр үйэтигэр хаҺыаты, сурунаалы, кинигэни сорох төрөппүт аахайбат. Оҕо кыра эрдэҕиттэн дьиӊнээх кумааҕы сытын билбэккэ, кинигэҕэ, хаҺыакка чугаҺаабакка улааттаҕына , элбэҕи сүтэрэр.
Мин оҕо сааҺым доҕоро «Бэлэм буол» оҕо хаҺыата , онтон 40 сыл устата кыра оҕолору үөрэтэрбэр суолдьут сулус, көмө–тирэх буолар «Кэскил» хаһыатым буолаллар.
Кэскиллээх норуот кэрэхсэбиллээх дьоннорун кэриэстиир диэн норуокка бэргэн этии баар. Бу мин учууталбар Максимов Василий Егоровичка анаммыт курдук. Төрөөбүт ийэ тылбыт сүмэтин иӊэрбит, элбэҕи аахтахха, олоххо ситиҺиилээх буолары, киҺи кинигэттэн олоххо сирдэтинэрин чиӊник өйдөппүтэ. Кини үөрэтиитинэн-такайыытынан сиэттэрэн, үлэбэр туох эмит үтүөнү саҕалаабыт буоллахпына – барыта улахан буукубаттан суруллар Учууталым үөрэҕэ, өӊөтө!
2011 сылтан «Ыллык» эдэр кэрэспэндиэннэрин пуоҺун тэрийэн үлэлэппитим. Бу устата хас эмэ көлүөнэ оҕо үөрэнэн аастаҕа, билигин 15 эдэр кэрэспэдьиэннээхпин. Үөрэх саӊа тиҺигинэн уруок тас өттүгэр дьарыктанан, элбэххэ уҺуллан, саӊаны билэбит, дьиктини – кэрэни айабыт.
Бастакы эдкордарым оскуоланы бүтэрэн, араас идэни баҺылаан эрэллэр, сорохторо үөрэнэ сылдьаллар. Быйыл бу уустук кэмӊэ үс бастыӊ эдкордарым оскуоланы бүтэрэн, олох киэӊ аартыгар үктэннилэр. Тоҕус сыл устата «Кэскил» оҕо хаҺыата ыытар күрэхтэригэр ситиҺиилээхтик кыттан, сылын аайы оҕо хаҺыатыгар 100% сурутууну хааччыйан, сылга 30 – 40 тахса ыстатыйалары, бэлиэтээҺиннэри, фоторепортажтары, интервьюлары суруйан, бэчээттэтэн кэллибит. НэҺилиэк, оскуола, кылаастар олоҕун сырдатан, кыраайы үөрэтэн, нэҺилиэкпит үтүө дьонун–сэргэтин туҺунан суруйуулары тиҺигин быспакка хаҺыакка таҺаартардыбыт.
2015 сыл литература сыла биллэриллэн, тэрийбит пуоспар ситиҺиилэр сиэттиҺэн кэлэр сыллара үүммүтэ. Ол курдук: Бэс ыйын 1 күнүгэр, Оҕо көмүскэлин күнүгэр, оччотооҕу Ил Дархан Е.А.Борисов эдэр кэрэспэдьиэннэри кытта бастакы пресс–кэмпириэнсийэтигэр Бүлүү бөлөх улуустарыттан мин үөрэнээччим Вова Васильев Вова талыллан кыттан, сэмэй да буоллар, бэйэтин санаатын туруорсан, НКИХ «Саӊа күн» биэриитигэр интервью биэрэн, сылдьыбыт сырыытыттан астынан кэлбиттээх.
Бу туҺунан «Кэскил» хаҺыат сырдатан, «Кэскил» 80 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх альбом–кинигэҕэ тахсыбыта. Сыл түмүгүнэн «Ыллык» пост «Бэргэн» оҕо пресс–агенствотын бириэмийэтин лауреатынан буолан, грамотанан уонна смартфонунан наҕараадаламмыппыт. Барыта түмүллэн, Саша Аммосов «Бастыҥ эдкор» аатын ылан, Бүтүн Россиятааҕы «Океан» лааҕырга барар путевканы туппута. Сыл түмүгүнэн улууспутугар биир биллэр «Ыллык» эдкор поҺу салайан, оҕолору өрөспүүбүлүкэ таҺымыгар таҺаарбытым иҺин, миэхэ нэҺилиэгим «2015 — год литературы» анал бэлиэни туттарбыта. Ити биҺиги айар үлэбитигэр бастакы ситиҺиилэрбит, кынат үүннэрэн , «Ыллыкпыт» бастакы хардыыта этэ. СитиҺии тиҺиллэн барбыта…
2016 с. оҕо хаҺыата төрүттэммитэ 80 сылыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи эдкордар сүлүөттэригэр ыӊырыллан, кыттыыны ылбыппыт. Онно НПК-ҕа «Кэскилтэн» саҕалаан» дакылаатынан Юлия Третьякова дипломант үрдүк аатын, «Учууталын утумунан» үлэнэн Саша Аммосов анал биҺирэбил бириискэ тиксэн, «Смена» сынньанар кииӊӊэ олорон, «Бэлэм буол», билигин «Кэскил» хаҺыаттартан тахсыбыт суруналыыстары, биллиилээх дьону кытта төгүрүк остуолга олорон кэпсэтэн, уопут ылан, атын араас постар эдкордарын кытта алтыҺан, бу ааспыт кэммитин хаҺан да умнуохпут суоҕа. Бу сыл өссө биир умнуллубат түгэн Саша Аммосовка тосхойбута – “Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы 6 оонньууларыгар Бүлүү бөлөх улуустарын эдкордарыттан талыллан, оҕо пресс–киинигэр баран үлэлээн бэйэтин көрдөрбүтэ. Саша сахалыы, нууччалыы, английскайдыы бэлиэтээҺиннэрэ «Кэскилгэ» тахсыбыттара.
2017 сыл пост салайааччыларыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи семинар–конференция олус көхтөөхтүк, саӊалыы тыыннаан, өрө күүрүүлээхтик буолан ааспыта. Онно аан маӊнай «Кэскил» оҕо бэчээтин кыҺатын салайааччыларын уонна Саха өрөспүүбүлүкэтин оҕо бэчээтин салайааччыларын ассоциациятын туоҺулуур дастабырыанньалары үөрүүлээх быҺыыга туттарыы буолбута.
Сыл түмүгүнэн «Бэргэн» оҕо прессатын агенствота ыыппыт күрэхтэригэр көрдөрүүлээхтик кыттыбыт эдкор постарын иҺинэн «Ыллык» биҺирэбил аакка тиксэн, бирииҺинэн уонна грамотанан бэлиэтэммитэ. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыҺата уонна Россия почтатын Саха сиринээҕи салаата биллэрбит «Посткроссинг – 2017» куонкуруска «Ыллык» пост оҕолоро кыттан, махтал суругунан бэлиэтэммиппит.
2018 с. эдкордар ортолоругар ыытыллыбыт фоторепортаж күрэҕэр Юлия Третьякова «Сата уустара» диэн үлэтинэн «Бэргэн» оҕо прессатын саамай кылаан бирииҺин – Бүтүн Россиятааҕы «Океан» лааҕырга сынньанар путевкатын туппута.
Литературнай критик, драматург Н.М. Заболоцкай–Чысхаан төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах, кини айымньыларын ырытыы күрэҕэр Лилия Алексеева 3 бочуоттаах миэстэҕэ тиксэн, суруйааччы аймахтарын анал бириистэрин, махтал суруктарын ылбыта. «Ыллык» поспут 2018 үөрэх дьылын түмүгүнэн «Бэргэн» оҕо прессатын агентствотын «Айымньылаахтык үлэлиир пост» анал аатын ылбыта.
2019 сылга «Кэскил» хаҺыат туйгун үөрэнээччилэрин галереятыгар (уруккута «Володя Ульянов дневнигэ») Адамов Олег, Колесова Нарыйаана, Жданова Анжелина, Петрова Олеся, Иванова Милена бэчээттэммиттэрэ уонна ону туоҺулуур өйдөбүнньүк сертификаты туппуттара. Адамов Олег П.А.Ойуунускайга анаммыт «Кэскил» хаҺыат ыыппыт викторина күрэҕэр 1м., Карина Григорьева «Куобах иҺэ үтүлүк» үлэ уонна тыыл ветераннарыгар анаммыт күрэххэ анаан киис тулалаах норка үтүлүк тигэн, бэтэрээҥҥэ бэлэх уунан, 2 м.буолбуттара.
Ньурбаҕа ыытыллыбыт Бүлүү бөлөх улуустарын эдкордарын сүлүөтүгэр Третьякова Юлия, Петрова Олеся интервью күрэҕэр 1м.ылан, НКИХ «Саха” стажировкаланар путевканан уонна «Кэскил» хаҺыат грамотанан, Аммосов Саша медиа ыстатыйа айыы куоталаҺыытыгар биҺирэбил флешка бирииҺинэн, махтал суругунан, Иванова Виолетта «Саамай көхтөөх кыттааччы» аакка тиксэн, портативнай аккумуляторынан, махтал суругунан бэлиэтэммиттэрэ. Бу сүлүөккэ биһиги поспут «Кэскил» хаҺыакка саамай элбэх сурутуулаах пост аатын сүгэн, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыҺатын кылаан бирииҺинэн- экшн-видеокамеранан уонна грамотатынан наҕараадаламмыппыт.
Учуутал күнүгэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыҺата инстаграм нөӊүө ыыппыт «Учууталга эҕэрдэ» күрэххэ Адамов Олег 1м, Петрова Олеся 3м, Мордовской Эльдар биҺирэбил аакка тиксэннэр бэлиэтэммиттэрэ.
Быйылгы ситиһиилэрбит: саамай кырачааннарбыт Жданова Эвелина, Григорьев Толя «Чаҕылыс» ыыппыт кырааскалыыр ойуулаах кинигэ айан оӊоруу күрэҕэр биҺирэбил бирииҺинэн уонна махтал суругунан на5араадаланнылар. «Кэскил», уруккута «Бэлэм буол», хаҺыат сэрии кэнниттэн тахсыбыта 60 сылыгар, Кыайыы 75 сылыгар аналлаах «Сэрии кэмин оҕолоро» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска Григорьева Карина, Адамов Олег ахтыы суруйан кыттан, биҺирэбил грамотанан уонна «Великая Отечественная война» энциклопедиянан наҕараадаламмыттара. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыҺата уонна Россия почтатын Саха сиринээҕи салаата биллэрбит «Посткроссинг» күрэххэ «Ыллык» пост 2м.ылан, портативнай заряднигынан, минньигэс бэлэҕинэн уонна грамотанан бэлиэтэннэ.
Тоҕус сыл тухары «Ыллык» пост таҺаарыылаахтык үлэлээн, эдкордар 100% сурутууну хааччыйан, оҕолору ааҕарга көҕүлээн, барытыгар дьоҕурдаах, ситиҺиилээх, сайдыылаах буола үүнэллэригэр, үөрэнэллэригэр олук уурда. Тус бэйэм «Кэскил» хаһыат эрэдээксийэтин мэктиэтинэн СӨ үөрэҕин министиэристибэтин, оҕо эбии үөрэхтээҺинин киинин Бочуотунай грамоталарынан (2015 с.), өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьулуур» оҕо хамсааҺынын Махтал суругунан (2016с), СӨ үөрэҕин министиэристибэтин Махтал суругунан (2019с.) наҕараадаламмытым. Туох баар ситиҺиилэрбитин кынат үүннэрбит ытыктыыр учууталым – Максимов Василий Егорович быйыл баара буоллар, төрөөбүтэ 95 сылыгар анаатаҕым буоллун!
Эдкордарым бары суруналыыс, суруйааччы да буолан барбаталлар, “Ыллыкка” ылбыт сатабылларын, үөрүйэхтэрин олоххо оннуларын булалларыгар төҺүү күүс оҥостон, туҺаныахтара турдаҕа. Бэйэм алын кылаас учуутала буоларым быҺыытынан, үрдүкү кылаас оҕолорун дьарыктыырбар уустуктары көрсөбүн. Ону ол диэбэккэ, учууталым иӊэрбит үөрүйэхтэрин, сатабылларын сирдэтэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирэ», «Учуутал аргыҺа» , улуустааҕы «Ньурба» хаҺыаттарга бэйэм көрүүлэрбин, санааларбын суруйан, ааҕааччылары кытта үллэстэр идэлээхпин.
Онон аартыктаах айан суолун айымньылаах ыллыгын устун өссө кимиилээхтик, ыарахаттартан чугуйбакка, иннибит диэки хардыылыыбыт. Тохсус сылын тиhигин быспакка, «Кэскил» хаhыаппытыгар эдкордарым уонна бэйэм үөрэтэр кылаастарым 100% сурутууну хааччыйабыт. Сурутууга көмөлөҺөр дьоннорбор дьаhалта баhылыга С.А. Винокуровка,оскуола дириэктэрэ Л.Н.Васильевка, бэтэрээн учуутал В.И. Ивановаҕа, үлэ бэтэрээнэ, пенсионерка А.П.Васильеваҕа, ЖКХ салайааччыта А.Л.Ждановка, мусуой дириэктэрэ З.В.Анисимоваҕа, бибилэтиэкэр М.Н.Николаеваҕа махталбын тиэрдэбин.
2021 сыл муус устарга тапталлаах хаhыаппыт «Кэскил» төрүттэммитэ 85 сылын туолар.Бары хаhыаппыт үлэhиттэрин, күүс – көмө буолар дьоммутун итиитик эҕэрдэлиибит, инники да үрдүк сурутууну,көрдөрүүнү баҕарабын.
Инники хаартыскаҕа: 100% сурутуулаах 4 кылаастар.