Г.И. Чиряев аатынан Бүлүү 1 № -дээх орто оскуолатын саха тылын учуутала Ньургуйаана Ивановна Филиппова “Эдэр ыччат – Саха сирин инники кэскилэ” диэн өйтөн суруйуу ыытта. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ, чахчы даҕаны, дойдуларын инники кэскилин туһунан долгуйалларын бу өйтөн суруйуулартан быһа тардыылар туоһулууллар.
Дедюкина Ангелина (11 кылаас):
“Мин санаабар, хас биирдии дойду инникитин эдэр ыччат быһаарар. Эдэр ыччат куһаҕан санаалаах, иниккитин толкуйдаабат, тугу да сатаан быһаарыммат буоллаҕына , кини олорор дойдута итинник курдук аллара түһэн иһиэҕэ. Ол иһин билиҥҥи эдэр ыччат үөрэҕи, чөл олоҕу батыһыаахтаах, куһаҕан-үчүгэй диэни сатаан араарар буолуохтаах уонна саамай сүрүнэ -төрөөбүт дойдутун таптыахтаах”.
Степанова Настя (11 кылаас):
“Эдэр дьону билиҥҥи кэмҥэ наар мөҕөр идэлээхтэр. Эдэр ыччакка итэҕэйдэххэ, кинилэри өйөөтөххө, стимуллаан биэрдэххэ, улахан ситиһиилээх дьон буолан туруохтара”.
Евдокимов Егор (11 кылаас)
“Мин санаабар, Саха сирэ сайдан инники барарыгар, төрөөбүт дойдубутугар элбэх үрдүк үөрэхтээх эдэр ыччат атын сиргэ үөрэнэн баран, төннөн кэлэн дойдубутугар олохсуйаллара наадалаах. Эдэр ыччат “мин төрөөбүт дойдубун сайыннарыахтаахпын” диэн бигэ санааланыахтаах.
Иннокентьев Андрей (11 кылаас):
“Билиҥҥи ыччат мобильнай буолуохтаах, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ сайдыахтаах, үтүө, хорсун санаалаах, биир тылынан “патриот” буолуохтаах. Саха сирин сайдар кэскилэ эдэр ыччаттан тутулуктаах”.
Николаева Эйнара (11 кылаас):
“Эдэр ыччат Саха сирин күүһэ, эрэлэ буолар. Эдэр ыччат бүппэт энергиялаах, ураты толкуйдаах, үрдүк ситиһиилэнэргэ дьулуһар буолуохтаах. Үөрэхтээх буолуохтаах, талаанын сайыннарыахтаах. Саха сирин кэскилэ биһиги, эдэр ыччат, илиибитигэр баарын өйдүөхтээхпит”.
Семенова Таня (11 кылаас):
“Мин санаабар, эдэр ыччат көхтөөх, талааннаах, идеялаах, улахан баҕа санаалаах буолуохтаах. Оччоҕо эрэ кини Саха сирин инники кэскилэ буолар. Эдэр ыччат аныгы технология көмөтүнэн ону-маны айыан, оҥоруон сөп. Чөл олоххо, үтүөҕэ дьулуһуохтаах”.
Васильев Николай (11 кылаас):
“Эдэр ыччат билиҥҥи үйэҕэ сытыы-хотуу буолуохтаах, дэлби үөрэниэхтээх, бэйэмсэх буолуо суохтаах, сайдыахтаах, дьонун-сэргэтин харыстыахтаах, аныгы олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыахтаах, дойдубут туһугар кыһаллыахтаах”.
Мухоплева Ньургустаана (11 кылаас):
“Мин санаабар, эдэр ыччат көнө майгылаах, эйэҕэс, күүстээх санаалаах, чиэһинэй, эппиэтинэстээх уонна туохха барытыгар көхтөөх буолуохтаах. Эдэр ыччаттар бэйэ-бэйэлэрин өйөһөр, өйдөһөр буоллахтарына биирдэ Саха сирин инники кэскилэ буолаллар”.
Васильева Милена (11 кылаас):
“Мин санаабар, Саха сирин эдэр ыччата бэйэ-бэйэҕэ өйөбүл, бары биир сомоҕо буолуохтаахпыт. Хас биирдии саха сирин олохтооҕо олоххо тардыһыылаах, тус сыаллаах буолуохтаах. Мин оннук киһи буоларга талаһабын”.
Степанова Оля (10 кылаас):
“Эдэр ыччат бэйэтин сайыннаран, үөрэхтээх, билиилээх буолуохтаах, инники олоҕун эрдэттэн сыал туруорунан оҥостуохтаах”.
Николаев Сеня (10 кылаас):
“Мин Саха сирин экономиката сайдыан, саҥа дьиэ-уот элбэхтик тутуллуон, суол-иис оҥоһуллуон баҕарабын”.
Спиридонова Луиза (10 кылаас) :
“Мин санаабар, эдэр ыччат бэйэтин норуотун туһугар үлэлиэхтээх-хамныахтаах. Оччоҕо эрэ Сахабыт сирэ сайдыа. Билиҥҥи кэмҥэ, син биир, барыта эдэр ыччаттан тутулуктаах”.