200 күн устата — от ыйын 17 күнэ 1942 с. саҕаланан олунньу ый 2 күнүгэр 1943 с. Сэбиэскэй аармыйа кыайыытынан түмүктэммитэ. Сталинград иһин кыргыһыы Иккис Аҕа Дойду сэриитигэр тосту уларыйыыны киллэрбит историческай быһыы диэн билинэллэр. Гитлер Сталинград куораты ыларга улахан сыалы туруоруммута — Каспийскай ниэби быһарга. Куорат Сэбиэскэй сойуус улахан промышленнай куораттар ахсааннарыгар киирэрэ. Манна элбэх сэрии сэбин — танкалары, артилерияны оҥорор уонна өрөмүөннүүр собуоттар бааллара. Сталинграды буомбалааһын күүстээх этэ. Куорат хас биир дьиэтин, уулуссатын, кырыс сирин аайы кырыктаах сэрии буолбута. Биһиги билигин билэрбитинэн, «Павлов дьиэтэ» диэн 58 күн устата Сэбиэскэй саллааттар дьоруойдуу көмүскээбиттэр. Олунньу ый 2 күнүгэр 1943 с. Кыһыл армия «Кольцо» операция ыытан Паулюс аармыйата үлтүрүтүллүбүтэ. Билиэн фельдмаршалы кытта 24 генерал, 2.5 тыһыынча саллаат түбэспитэ.
Биһиги нэһилиэктэн Григорьев Василий Гаврильевич Сталинград иһин кыргыһыытыгар кыттыбыта, рядовой — пулемётчик этэ. Уҥа илиитигэр бааһырыы ылан дойдутугар төннөн кэлбитэ. «Хорсунун иһин»,» Сталиград оборонатын иһин»,»Германияны Кыайыы иһин» мэтээллэрдээх, «Аҕа Дойду Сэриитин » бастакы истиэпэннээх уордьаннаах. Өлүөн иннинэ сэриилэспит сиригэр баран кэлбит, бииргэ сэриилэспит доҕотторун кытта көрсүбүт. Ветеран 2002 с. Кыайыы күнүгэр сырдык тыына быстыбыта.
Сталинграды босхолооһун 75 сылыгар — 2018 с. В.А.Петрова аатынан түмэл үлэһиттэрэ З.В. Анисимова , С.А. Иванова «Сата» куруһуок оҕолорун илдьэ Волгоград куоракка бара сылдьыбыттара. Волга өрүс уҥа биэрэгэр баар Мамаев кургаҥҥа тиийэн, «Сталинград кыргыһыытын Дьоруойдарыгар» анаммыт пааматынньык — ансамбль «Родина — мать зовёт»
монуменыгар сүгүрүйэн туран сибэкки дьөрбөтүн ууран,кэриэстээн ааспыттара.
Олег Адамов, 10 кылаас
Ньурба, Хаҥалас,
«Ыллык» эдкорпост