Тохсунньу 25 күнүгэр оскуолабытыгар Ленинград блокадаттан босхоломмута 80 сылыгар аналлаах Өйдөбүнньүк тэрээһини ыыттыбыт. Ленинград 1941 сылтан 1944 сыл тохсунньу 17 күнүгэр диэри 872 хонук өстөөх төгүрүктээһинигэр сыппыта. Ол эрэн босхолонор туһугар охсуһууну тохтоппотоҕо.
Ленинграды сир үрдүттэн симэлитэр былааннара туолбатаҕа. Тыһыынчанан олохтоохтору «Олох суола» («Дорога жизни») диэн Ладожскай күөл устун олохтоммут суол быыһаабыта. Куораттан 1,3 мөлүйүөн ленинградецтар быыһаммыттара. Биһиги биир дойдулаахтарбыт манна, Ленинград оборонатыгар, эмиэ бааллара. Итини барытын ахтан-санаан аастыбыт, хоһоон аахтыбыт, кинилэр сырдык ааттарыгар чүмэчи уурдубут.
Нарыйа БУРЦЕВА, 10 кылаас үөрэнээччитэ, «Саһарҕа» пост, Эҥэ.