Хас биирдии учуутал киһиэхэ көстүбэт кынаты бэлэхтиир. Ол кынат — өйү-сүрэҕи инникигэ сирдиир. Үөрэх, билии эйгэтигэр умсугуйан көтүтэр. Онон учуутал оҕо дууһатыгар тиийэр мындыр сүбэһит, оҕо дьылҕатыгар төрөппүт курдук олук уурар үтүө киһи. Учууталларбыт бэргэн этиилэрин умсугуйа көрүөххэйиҥ!
«Баҕа санааҥ күүһүнэн, иннин диэки хардыылаа»
«Бүгүҥҥү күммүт түмүгэ, саха омук сарсыҥҥыта!»
«Ийэ сиргин, ийэ өйгүн, ийэ тылгын иҥэринэн төлкөҕүн түстээ!»
«Саҥа күҥҥэ санаа хоту сыалы-соругу ситиһиҥ!»
Үөрэнэр — үрдүк дьол күндэлэс көҥүлэ! Учуутал куорсунуттан кынаттанан үөһээ дабайыах!