Остуоруйаны ааҕан, истэн, кэпсээн оҕо сааска үчүгэйи, куһаҕаны арааран өйдүүргэ, туспа иитии ньымата буолар.
«Иэйиэхсит » оҕо бөлөҕө уонна поэт Иванов И.Е.- Ороһуунускай аатын сүгэр модельнай библиотека (сэбиэдиссэй Иванова Ж.С.) буолан 2023 сыл тохсунньутуттан саҕалаан иэйиэхсиккэ сылдьар 2,3,4,5 кылаас оҕолоругар анаан «Оллоонноон олорон остуоруйалаһыах» диэн проект үлэлэтэн сүүрбэ остуоруйаны кэпсээбиппит ютуб ханаалынан тарҕанна.
Биһиги сахалыы тылынан бөрүбүөттэммит монгол, ненец, эбээн, эбэҥки, дьүкэгиир о.д.а омуктар остуоруйаларын биллибит. Ханнык баҕарар омук остуоруйатын ис хоһооно иитэр, үөрэтэр өрүтэ биир эбит. Онон остуоруйа сир саарыгар олорор оҕону барытын кэрэҕэ, сырдыкка сирдиир аналлаах диэн өйдөбүлгэ кэллим.
«Иҥсэ иэдээннээх суол» диэн остуоруйабар иҥсэлээх күтүөт, иҥсэтигэр уоһун быһан кэбиһэр. Бу остуоруйаҕа иҥсэлээх киһи араас моһолго түбэһиэн сөп диэн үөрэтэр.
Кэлэр үөрэх сылыгар остуоруйа ааҕарбын, кэпсиирбин салҕыам уонна биир саастыылаахтарбар кинигэни доҕор оҥостуҥ диэн сүбэлиэм.
Ванесса Васильева,«Иэйиэхсит» оҕо бөлөҕө, Ороһу, Үөһээ Бүлүү.