Быйылгы лааҕыр 2 сезона от ыйын 3-16 күннэригэр ОГЭ- ҕа уонна ЕГЭ-ҕа бэлэмниир сыаллаах- соруктааах ыытылынна. Ону таһынан оҕолор бириэмэбитин туһалаахтык атаардыбыт.
Мин “Трудовой – 81 ” лааҕырга бастакыбын сырыттым. Наһаа кэрэ айылҕалаах, сибиэһэй салгыннаах сир диэн бэлиэтии көрдүм. Сып- сырдык киэҥ баҕайы хоско олохсуйа киирбиппит. Салҕыы лааҕыр туһунан үлэһит сиһилии Антонина Николаевна сырдаппыта. 13 күн устата тугу гынарбытын, лааҕыр быраабылатын туһунан, уо.д.а. кэпсээбитэ. Ол кэннэ биһигини 3 этэрээккэ араартаабыттара. 13 күнү быһа бииргэ күрэхтэһиилэргэ кыттаҕыт, трудик хомуйаҕыт диэн быһааран биэрбиттэрэ. Трудик – диэн лааҕыр оҕолорун валютата( харчыта). Трудигы оҕолор үтүө дьыала оҥорон, үөрэххэ төһө кыһаллалларын көрөн, дьуһуурустубаҕа төһө үчүгэйдик үлэлээбиттэринэн туруораллар.
13 күн устата нуучча тылыгар уонна математикаҕа үөрэннибит, оонньоон – көрүлээн бириэмэбитин туһалаахтык атаардыбыт. Күн аайы араас оонньуулары Татьяна Егоровна оонньоторо, араас флешмобтары үөрэппитэ. Бу лааҕырга саамай байдарканан күөлгэ хатааһылааны сөбүлээбитим. Хаһан даҕаны байдарканы бэйэм ыыппатаҕым. Эрдинэ үөрэммиппиттэн олуһун диэн астынным. Мэйиктэн сатыы Трудовойга кэлбиппит. Ричард Карлович Маак хонон ааспыт дьиэтигэр сылдьан хаартыскаҕа түспүппүт. Араас походтарга биһигини Сардаана Петровна наһаа үчүгэйдик сирдээн, интэриэһинэйдик кэпсээн илдьэ сылдьыбыта. “Трудовой- 81” лааҕырга эбии туризм өттүгэр сылдьыам этэ дии саныыбын. Олус минньигэс аһынан күҥҥэ 5-тэ аһыыр этибит. Бу кылгас бириэмэ иһигэр оҕолор бэйэ- бэйэбитин кытары билсиһэн, оонньоон – көрүлээн, эбии саҥаны билэн, олохпутугар кэрэ бэлиэ умнуллубат түгэннэри хааллардыбыт.
Мин санаабар, маннык лааҕыр олус туһалаах. Инникитин үүнэ- сайда өссө да элбэх оҕо сылдьыа диэн эрэнэбин. Киһи эрэ кэлиэн баҕарар дойдута. Эппиккэ дылы, “көрбүт эрэ хараҕа хайҕыыр, истибит эрэ кэлиэн баҕарар” сирэ-дойдута.
Оҕо- саас кэрэ бэлиэтэ —
“Трудовой- 81”!
Оҕо- аймах ахтар түгэнэ —
“Трудовой- 81”!
Алина Санникова,9 кыл., Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, “Эрчим” Корпост