Биһиги саха литературатын уруоктарыгар аахпыт айымньыларбытыттан сыл аайы биир айымньыны талан сыанаҕа оонньоон көрдөрөбүт. Ол курдук былырыын биир дойдулаахпыт, норуодунай суруйааччы Моисей Дмитриевич Ефимов «Кистэлэҥнээх холбуйа» диэн сэһэнинэн сценарий суруйан оонньоон көрдөрбүппүт.
Оттон быйыл саха народнай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ дьоруойа Д.К.Сивцев–Суорун Омоллоон «Күкүр Уус» драматынан сценарий суруйан оонньоотубут. Күкүр Ууһу – Слава Другин, кини кыыһын Күннэйи – мин, Дьууру – Максим Другин, Бииктэри – Оксана Аммосова оонньоотулар. Мин санаабар, хас биирдии оҕо бэйэтин оруолун эппиэтинэстээхтик толордо. Бииртэн биир оонньууга оҕолор оонньуур дьоруойдарын уобараһын араас өттүттэн арыйан көрдөрдүлэр.
Бу испэктээги туруорарбытыгар миэхэ сүрүн дьоруой оруола түбэспитигэр олус долгуйбутум. Олох сыыһата-алҕаһа суох толоруохтаахпын диэн санааттан долгуйар этим. Ол эрэн атын оҕолор бары оруолларыгар киирэн оонньоон барбыттарыгар, долгуйуум ааһан хаалбыта. Көрөөччүлэр Күннэй таптыыр аҕата кинини ыппытын билэн, хайдахтаах ыарахан түгэни тулуйбутун өйдөөтүннэр диэн толордум.
Маннык испэктээкиллэри туруорарбытыгар хайаан да умнуллубат, күлүүлээх түгэн баар буолар. Холобура, уһулла сылдьан тылбытын умнан кэбиһэрбит, бутуллан хааларбыт да баар буолааччы. Оттон Дьуурдаах Күннэй кэпсэтиилэрэ биир умнуллубат түгэн буолар. Кинилэр ыраас, сырдык тапталларын көрдөрүү. Итинник таптал өйдөбүлүн арыйар хартыынаҕа оонньуу илик этим. Ол иһин кыбыстыылаах этэ. Онон бу испэктээккэ кыттыбыппытын хаһан да умнуохпут суоҕа, оннук киһи өйүгэр-санаатыгар киирэр эбит.
Бу драмаҕа кыттыбыт бииргэ үөрэнэр оҕолорум санааларын эмиэ истиҥ, ааҕың:
Вячеслав ДРУГИН: Биһиги быйыл Суорун Омоллоон «Күкүр Уус» драматын туруоран көрдүбүт. Биир нэдиэлэ иһигэр бэлэмнэнэн, тылбытын үөрэтэн оонньоотубут, сатаммыт курдук буолбута. Мин сүрүн дьоруой оруолун толорбутум, олус ыарахан этэ. Ооонньуурбут саҕана оҕолор бары драма дьоруойдарын курдук таҥнан кэлбиттэрэ көрөргө олус үчүгэй.
Ливия ДРУГИНА: Мин драмаҕа Күннэй дьүөгэтин Буойаны оонньообутум. Сүрүн дьоруойтан ураты кыра оруоллаах оҕолор испэктээкил бэлэмниир үлэни үллэстибиппит. Мин суфлердаабытым, Оксана, Маша декорацияҕа, Наташа көстүүмнэргэ, Лена уобараһы арыйыыга эппиэтинэстээх буолбуттара. Драмабыт ис хоһооно холкуостааһын кэмин көрдөрөр. Психологическай өттүнэн кыра киһи мунуута, атын дьон санаатыгар хаайтаран булкуллуута, киһи тыла төһөлөөх куһаҕаны оңоруон сөбүн арыйар.
Оксана АММОСОВА: Мин Кинээс Бииктэрин оруолун оонньообутум, эр киһи оруола буолан оонньуурга ыарахан этэ. Эр киһи курдук туттан-хаптан, саңаран. Оонньуур киһи бэйэтин көрдөрүө суохтаах, кини атын уобараһы арыйахтаах дии саныыбын.
Алексей ЕФИМОВ: Мин санаабар, испэктээкилгэ бэлэмнэнии, таңаспыт, оонньообуппут – барыта үчүгэй этэ. Мин Хара Мааска оруолун талан оонньообутум.
Маша МОРДОВСКАЯ,
IX кылаас,
Боронук орто оскуолата,
Дьааҥы