Олунньу 14 күнэ — Тапталлаахтар күннэрэ. Сүрэх быһыылаах «валентинкаларга» тапталга билинии суруктара суруллар, анал почта дьааһыгар угуллар кэтэһиилээх күн буолар.
Биһиги оскуолабытыгар бу күн урут уруккуттан 9-с кылаастар тэрийиилэринэн пааралар кафелара үлэлиир. Манна учууталлар да, оҕолор да паара булунан киириэхтэрин, талбыт менюларын сакаастыахтарын сөп.
Оттон «Аргыс» оҕо түмсүүтэ бу күҥҥэ аналлаах фотозона оҥорор. Оҕо саас кэрэ кэмнэрин үйэтитэр хаартыскаҕа ким баҕарар таптыыр доҕорунаан түһүөн сөп.
Маны таһынан, кистэлэҥ почта дьааһыга ыйанар. Манна «валентинкалар» аадырастанан угуллаллар. Дьоро киэһэ үҥкүүтүн кэмигэр суруктары аадырастарынан тарҕаталлар.
Онон, бу олус кэтэһиилээх, долгутуулаах дьоро күнү оҕолор олус күүтэллэр.
14 №-дээх «Эдэр корреспондент» пост
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.