Учуутал сатабылын үөрэнээччилэргэ иҥэрэн, тэҥҥэ бэйэтэ үлүһүйэн туран омукпут таҥаһын түҥ былыргыттан үөрэтэн, тигэн барбыта.
Советскай Союз худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна, Республика култууратын үтүөлээх үлэһитэ, норуот маастара Анна Прокопьевна Скрябина 95 сааһын бэлиэтээһин түмүктүүр тэрээһинэ тохсунньу 31 күнүгэр Дьокуускай куоракка А.Е. Кулаковскай аатынан култуура дьиэтигэр ыытылынна.
Уран тарбахтаах иистэнньэҥ, норуот маастара Анна Прокопьевна оҥоһуктарын быыстапката олунньу 17 күнүгэр диэри туруоҕа.
Быыстапкаҕа маастар үлэтин тэҥэ Мэҥэ-Хаҥалас улууһун маастардарын үлэтэ туруорулунна. Кыттыыны ыллылар Яна Игнатьева, Надежда Толбонова, Анна Прокопьевна оҕолоро Константин Семенович, Николай Семенович, Семен Федоровтар уонна сиэннэрэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Олоҥхо дьиэтин салайааччыта Евдокия Иванова, Хаптаҕай нэһилиэгин баһылыга Иван Зыков, солбуйааччыта Альберт Терентьев нэһилиэк иистэнньэҥнэрин түмсүүлэрэ «Күөгэйэ», «Умсулҕан» салайааччы Евдокия Федорова.
Анна Прокопьевна 1968 сыллаахтан Хаптаҕай бастаан аҕыс, салгыы орто оскуолатыгар сахалыы прикладной ииһи үөрэтэн саҕалаабыта. Учуутал туох баар сатабылын үөрэнээччилэргэ иҥэрэн, тэҥҥэ бэйэтэ үлүһүйэн туран, омукпут таҥаһын түҥ былыргытыттан үөрэтэн, тигэн барбыта.
Үөрэнээччилэрин, тус бэйэтин үлэлэрэ араас таһымнаах быыстапкаларга кыттан, сэҥээриини ылбыттара. Ол курдук, республика быыстапкаларын таһынан СССР иһигэр уонна Монголия, Венгрия, Америка, Франция, Япония курдук тас дойдулар быыстапкаларыгар турбуттара.
Мин Анна Прокопьевнаны кытта 1982 сыллаахтан 1991сыллаахха куоракка көһүөр диэри бииргэ үлэлээбитим, салайааччы буоларбынан, үлэбинэн элбэхтик алтыспытым уонна үлэҕэ бэринии, бэйэҕэ ирдэбил үрдүк холобурунан бэлиэтиибин. Маастар үөрэппитэ таах хаалбат, Хаптаҕай нэһилиэгин уран тарбахтаахтара «Умсулҕан», «Күөгэйэ» түмсүүлэргэ түмсэн айа-тута сылдьаллар.
Энтузиаст учуутал, норуот маастара Анна Скрябина олорбут олоҕо, үлэлээбит үлэтэ биир кэрчигэ буолан аата ааттана, үлэтэ үөрэтиллэ, тигэн хаалларбыт үлэлэрэ саха дьонун хараҕын сымната туруохтара.
Хаптаҕай орто оскуолатын «Кустук» медиастудията.