Быйыл 2023 сылга Герой куорат — Ленинград — 872 хонуктаах блокадаттан босхоломмута 80 сылын бэлиэтиибит. 80 сыл анараа өттүгэр тохсунньу ый 18 күнүгэр Ленинград төгүрүктээһинин төлө көтөн, блокаданы букатыннаахтык көтүрүүгэ далаһаны уурбуттара.
Бүгүн, тохсунньу 27 күнүгэр, Аҕа дойду сэриитин биир улахан суолталаах историческай Албан ааттаммыт күнүн — Ленинград куорат өстөөх төгүрүктээһиниттэн босхоломмут күнүн бэлиэтиибит.
Төгүрүктээһиҥҥэ түбэспит Ленинград олохтоохторун ыар олохторо кими да долгуппат буолуон сатаммат. Блокада кэмигэр 632 тыһыынчаттан тахса киһи хоргуйан өлбүтэ, 17 тыһыынча кэриҥэ киһи, буомбалааһыҥҥа түбэһэн, сырдык тыына быстыбыта. 900 күннээх түүн барбыт Ленинград иһин охсуһууга сэбиэскэй буойуттар, Ленинград олохтоохторо үс сыл устата тылынан да кыайан кэпсэммэт тулууру көрдөрөн, өстөөх сөмүлүөттэрин буомбатын, артиллериятын уотун аннынан куораттарын көмүскээн кыайыыны аҕалбыттара.
Ньурба оройуонун Аканатыгар Ленинград дьулаан блокадатыттан тыыннаах ордубут кырачаан нуучча кыыһа, Лариса Тарасовна Иванова улаатан үөрэхтэнэн, дьылҕа хаан ыйааҕынан Саха сиригэр кэлэн, олохсуйан, 40-тан тахса сыл Акана оскуолатыгар нуучча тылын учууталынан үлэлээн, элбэх үөрэнээччи тапталын, төрөппүт махталын ылбыт улахан учуутал этэ. Сэрии саҕаланыытыгар баара суоҕа 4 саастаах кырачаан кыыс Лариса Ленинград блокадатыгар түбэспитэ. Ол саҕана өйдөөн хаалбыта өстөөх буомбатыттан күл көмөр буолбут дьиэлэри көрө сатыырын ийэтэ сиэтэ сатыырын, аҕыйах кэминэн аҕатын уһугуннарабын диэн тардыалаабыта, өлбүт эбитин. Сааһыары ийэтэ эмиэ хоргуйан өлөн соҕотох хаалбытын ыаллара булан, оҕо дьиэтигэр ыыппыттар.1942 сыл сайыныгар кыысчааны Ленинградтан Ярославскай уобалас Переславль куоратыгар көһөрөллөр. Онно сырыттаҕына оҕото суох ыаллар иитэ ылбыттар. Сэрии кэнниттэн бу куоракка педучилищены бүтэрэн, Лариса Зайканова начаалынай кылаас учууталынан Саха сиригэр ананан кэлэн Верхоянскай оройуонугар учууталлыыр. Манна үлэлии сылдьан, эмиэ учуутал идэлээх Акана уолугар Иванов Егор Николаевичка кэргэн тахсан, уол дойдутугар Аканаҕа кэлэн олохсуйаллар, үлэлииллэр.
Лариса Тарасовна үөрэҕин үрдэтэн нуучча тылын учууталынан, Егор Николаевич саха тылын учууталынан, иккиэн РСФСР норуотун үөрэҕириитин, ССРС үөрэҕириитин туйгуннара туйгуннара бэлиэлээх сүрдээх айымньылаахтык Акана оскуолатыгар үлэлээн ааспыттара, 4 оҕолонон Акана нэһилиэгин биир ытыктанар интеллигент ыала этилэр.
Акана олохтоохторо учуутал быһыытынан дириҥ билиилээх, ирдэбиллээх, үөрэнээччилэргэ улуу нуучча тылыгар тапталы иҥэрбит киһи быһыытынан аламаҕай Лариса Тарасовна туһунан олус сырдык өйдөбүллээхтэр.
Сэрии сылларыгар ыар дьылҕаламмыт суос-соҕотох туран хаалбыт кырачаан нуучча кыыһа биһиги дойдубутугар аналын булан, тапталы билэн улахан олоҕу олорон аастаҕа. Кини олоҕун түөрт оҕолоро,14 сиэннэрэ, онтон элбэх хос-хос хос сиэннэрэ салгыыллар. Билигин Акана нэһилиэгэр Ивановтар улахан кыыстара Галина, орто уол Владимир, мин чугас дьүөгэм Мария Тимофеевна кэргэнэ элбэх оҕолонон, билигин сиэннэр үөрүүлэринэн, түбүктэринэн дьоллонон олохсуйан олороллор.
Дьыл кэм аастаҕын да иһин, дойдубут историятыгар Ленинград блокадатын туһунан хомолто уонна албан аат сырдык өйдөбүлэ хас эмэ көлүөнэҕэ умнуллубакка ахтылла, суолталара улаата туруоҕа. Билиҥҥи дойдубутугар буола турар уустук кэмҥэ Ленинград блокадатын туһунан курус уонна хорсун быһыы өйдөбүлэ, суолтата ыччаты патриотическай иитиигэ дьоһун холобур.
Мария Николаева, Ньурба, Хаҥалас.
2 2
+
+