Бүгүн, тохсунньу 16 күнүгэр, сылын ахсын үгэскэ кубулуйбут Кэбээйи улууһун оскуолаларыттан үөрэххэ, успуорка, уопсастыбаннай үлэҕэ, научнай-чинчийэр үлэҕэ, култуура эйгэтигэр ситиһиилээх оҕолор баһылык Харыйатын тула муһуннулар.
Тэрээһин кэлбит оҕолору кытта билсиһии оонньууттан саҕаланна. Ол курдук, Батамай, Сэбээн-күөл, Куокуй, Сииттэ, Сангаар бөһүөлэгиттэн биир саастыылаахтарбытын кытта ыкса билистибит. Хомойуох иһин, сорох оскуолалар кэлбэккэ, оффлайн нөҥүө кытыннылар. Кэбээйи орто оскуолатыттан 8 үөрэнээччи кыттыыны ыллыбыт.
Күн устата араас бииртэн биир интэриһиэнэй тэрээһиннэр ыытылыннылар. Кэбээйи улууһун гражданскай инициативалары сайыннарар ресурснай киинин салайаачччыта А.Н. Спиридонова, араас норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар, Турцияҕа ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы универсиада, I Азия оонньууларын призера, РФ спорка маастара Василий Сыроватскайы кытта көрсүһүү буолла.
Күн иккис аҥарыгар улууспут баһылыга Иван Левины кытта утары көрсөн олорон, улууспут, Ийэ дойдубут инники сайдар кэскилин туһунан тыын боппуруостары ырыттыбыт. Чуолаан, Кэбээйибит улууһа атын улуустары кытта тэҥҥэ сайдарын туһугар туох кылааты киллэрэрбит туһунан тиэмэҕэ тохтоото. Түмүккэ, «Биһиги тус ситиһиилэрбит, сайдыыбыт – Кэбээйибит сайдыыта» диэн түмүктээтэ.
Маны таһынан, мин «Проектная деятельность» диэн хайысхалаах тэрээһиҥҥэ кыттан, олус сэргээтим. Бөлөҕүнэн арахсан, «Лаундж-зона» уонна «Айымньылаах приложение» диэн тиэмэҕэ бырайыак толкуйдаан көмүскээтибит.
Бырааһынньыкпыт түмүгэр оҕолору кытта кэпсэттим, санааларын иһиттим.
Аэлита Егорова, Кэбээйи орто оскуолата, 11 кылаас: — Мин бүгүҥҥү тэрээһинтэн улуус баһылыга Иван Ивановиһы кытта көрсүһүүнү ордук сөбүлээтим. Кэбээйибит улууһугар кэнники сылларга туох сайдыы, саҥа тутуу, бырайыактар олоххо киирбиттэрин туһунан элбэҕи биллибит. Маны таһынан талааннаах үөрэнээччилэр эҕэрдэ концертарын олус астынным.
Валера Лоботов, Куокуй орто оскуолата, 10 кылаас: — Бүгүҥҥү тэрээһини барытын олус сөбүлээтим. Кэбээйилэр киэн туттуубут спорт маастара Василий Сыроватскай кэс тылыттан элбэҕи биллим, үөрэнним. Түмүккэ эҕэрдэ фейерверк өйбөр хатанна.
Ян Жергин, Куокуй орто оскуолата, 10 кылаас: — Бүгүн элбэх оҕону кытта билсэн, астынным. Улууспут баһылыгыттан интэриэһиргиир ыйытыыбын биэрэн, эппиэтиттэн астынным. Маны таһынан, Сангаар оскуолата олус минньигэс астаах көрсүбүтүгэр махталбын тиэрдэбин.
Түмүккэ, ааспыт сыл түмүгүнэн чулууттан-чулуу оҕолору, кинилэр төрөппүттэрин улуус аҕа баһылыга махтал суруктарынан наҕараадалаата. Эҕэрдэ кэнсиэри көрөн дуоһуйа сынньанныбыт.
Түгэнинэн туһанан, Кэбээйибит оскуолатын коллективыгар, улууспут үөрэҕириитин салайааччытыгар Ирина Михайловна Неустроеваҕа уонна баһылыкпытыгар Иван Иванович Левиҥҥа оҕолорго умнуллубат өйдөбүлү хаалларбыккытыгар махталбытын этэбит!
Саргы Лугинова, 11 кылаас,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.