Мин сэтинньи ыйтан «Память предков: генеалогия моей семьи» диэн өрөспүүбүлэкэтээҕи куонкуруска кытынным.
Бу научнай-практическай кэмпириэнсийэни «Малая академия наук», «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата уонна төрүччүнү үөрэтэр уопсастыбаннай тэрилтэлэр ыыттылар.
Мин манна «Мин төрүччүм» диэн бырайыак оҥорон кытынным. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олус элбэх оҕо бэйэтин төрүччүтүн үөрэтэн кытыннылар.
Мин үлэбэр аҕам өттүнэн төрүппүн үөрэттим. Төрүччүнү үөрэтэр наһаа да интэриэһинэй эбит диэн санаатым. Аҕам ийэтин да, аҕатын да өттүнэн үтүһ дьоҕурдаах халыҥ аймахтаахпын биллим, киэн тутуннум. Бу үлэбинэн финалга тахсан, сыаналаах бириис туттум.
Ыытааччылар маннык үчүгэй, туһалаах күрэҕи тэрийбиттэригэр махтанабын. Эһиил бу үлэбин өссө дириҥэтэн, кыттыыны ылыам диэн кэтэһэбин.
Алена Гаврильева, 6 кылаас, “Кэскил” медиакиин,
Эмис орто оскуолата,
Амма улууһа.