Эһээбит кэпсээнэ
Биһиги уһуйааммытыгар үгэскэ кубулуйбут араас тэрээһиннэрдээхпит. Ол курдук, нэһилиэкпит интэриэһинэй дьарыктаах, ситиһиилээх бас-көс дьонун ыҥыран, кырачааннарбытын кытта көрүһүннэрэбит, эйгэни тэрийэбит. Оҕолор маннык көрсүһүүлэртэн элбэҕи билэллэр, төрүт үгэстэрбитигэр үөрэнэллэр, сайдаллар. Биһиэхэ Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, байанайдаах булчут, спортсмен, нэһилиэкпит ытык кырдьаҕаһа 94 сааһыгар сылдьар Дмитрий Ефремович Дедюкин кэлэн ыалдьыттаата.
Кини бултаабыт бултарын тириилэрин аҕалан оҕолорго көрдөрдө, хайдах бултаабытын сэһэргээтэ. Айылҕаҕа хайдах сылдьыахтаахпытын, Байанай сиэрин , булду хайдах харайыахтаахпытын туһунан — саха үгэһин кэпсээтэ.
Кырачааннар бары олус болҕойон олордулар, ытык кырдьаҕас сүбэтин-аматын иһиттилэр.
Дмитрий Ефремовичка махтанан оҕолор ырыа ыллаатылар, хоһоон аахтылар, үҥкүүлээн көрдөрдүлэр. Оҕолор уонна үлэһиттэр Дмитрий Ефремовичка өссө да уһуннук олороругар алгыс тылларын анаатылар.
Куйуурга—уолаттар
Быйыл биһиги уһуйааммыт уолаттара былыр-былыргыттан илдьэ кэлбит үтүө үгэспитигэр – куйуурга сырыттылар. Үлэҕэ сыстан диэн буолар.
Манна кэлэн оҕолор куйуурунан балыктааһын кистэлэҥнэрин көрдүлэр. Саха киһитэ туттар мала-сала хайдах буолуохтааҕын, булт элбэх сыраттан кэлэрин илэ көрдүлэр.
Күөх Боллох Тойон бу да сырыыга биһигини матарбата, илии тутуурдаан, өттүк харалаан ыытта. Уолаттар бука бары олус астынан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Баайаҕа, Таатта.