Сунтаар кииннэммит библиотекатыгар Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын 8-а кылааһа Саха Республикатын бастакы Президенэ М.Е. Николаев 85 сааһын көрсө «Билиигинэн кыайыаҥ» медиауруокка сырыттыбыт.
Киирии тылы библиотекарь Осипова Марфа Егоровна эттэ. Михаил Ефимович Николаев туһунан кэпсээтэ. Онтон «Билиигинэн кыайыаҥ» медиауруогу көрдүбүт. Манна биэс хайысханан «Музыка барыбытыгар», «Бары уруһуйдуубут», «Спорт», «Тылы үөрэтии», «Саахымат» кэпсэтии барда. Маны таһынан кинигэ быыстапкатын көрдүбүт, аахтыбыт.
Биһиги оскуолаҕа ааспыт сылга «Музыка барыбытыгар» диэн бырайыакка кылаастар икки ардыларыгар күрэх буолта. Онно биһиги кылаас анал аакка тиксибиппит. «Бары уруһуйдуубут» диэн бырайыак эмиэ сыл аайы буолар. Бу хайысхаҕа Ариан Алексеев республикаба 2 миэстэлээх. Биһиги санаабытыгар бу биэс бырайыак үүнэр көлүөнэҕэ олус туһалаах дии саныыбыт.
Михаил Ефимович Николаевка доруобуйаны, өссө да таһаарыылаах үлэни баҕарабыт.
Сунтаар бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын медиа-киинин эдкордара.