Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүгэр Бартыһаан олохтоохторо, Сунтаар бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Кириллович Васильев, Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Егорович Филиппов уонна Сунтаар бастакы нүөмэрдээх оскуолатын 10 кылааһын оҕолоро буолан Бэрэҕэ баар Сунтаарбыт биир биллэр олохтооҕун, судаарыстыбаннай уонна политическэй диэйэтэл И.А. Матвеев пааматынньыгар харыйаттан гирлянданы ууран чиэстээһин буолла.
Иван Афанасьевич Матвеев биллэр агроном, профессор, бэйэтин сылларыгар улууспут тыатын хаһаайыстыбатын күүскэ сайыннарбыт киһинэн буолар.
Бэрэ диэн уһун айаннаах, туспа дьикти айылҕалаах, көстүүлэрдээх сир эбит. «Урут манна сатыы оттуу, буолаҕа үлэлии сылдьааччыбыт», — диэн аҕа дьон кэпсээтэ, үлэлээбит сирдэрин көрдөрдүлэр, уруккуларын санаан күлэ-үөрэ кэпсээтилэр.
«Оҕолор маннык тэрээһиннэргэ кыттыыны ылаллара олус туһалаах дии саныыбын, билиҥҥи олохторун сыаналыылларын, улахан кылаат киллэрбит олохтоохторбутун холобур оҥостон, Сунтаарбыт сайдарын туһугар үлэлиэхтэрэ, саҥаны айыахтара диэн эрэнэбит», — диэн туран тэрээһин түмүгэр Афанасий Кириллович оҕолорго кинигэ бэлэх туттартаата.
Дьулусхан Петров, 10-б кылаас үөрэнээччитэ.