Сахабыт сирин айылҕата олус кэрэ уонна дьикти алыптаах. Биһигини дьикти эйгэ тулалыыр, онно эн олороҕун, ону эн көрөҕүн, истэҕин уонна билэҕин. Саха сирин айылҕатын дьикти көстүүлэрин туһунан ааҕыаххайыҥ.
Дьүкээбил уота
Сиртэн көрдөххө халлааҥҥа түргэнник хамсыыр араас дьэрэкээн өҥүнэн дьиримнии умайар уот. Үксүн магниттаах полюстар тула үөскүүр айылҕа дьикти көстүүтэ.
Кэмпэндээйи тууһа
Туох да булкааһа суох айылҕаттан кэлбит туус. Амтанныын ураты, доруобуйаҕа туһалаах. Кэмпэндээйи Сунтаар улууһугар баар.
Лабыҥкыр күөл
Өймөкөөн улууһугар Өймөкөөн үрдэлигэр сытар күөл. Номох быһыытынан, күөлгэ улахан кыыл олорор үһү. Ону чинчийээри хаста да үөрэтэн көрбүттэр. Ол биллибэт улахан кыыл тириитэ хара дьүһүннээх, бэйэтэ киэҥ айахтаах. Айаҕын улаханнык аттаҕына, икки миэтэрэ буолар үһү. Бу дьикти үһүйээн уос номоҕо буолан, билигин да кэпсээҥҥэ баар.
Киһилээх Хайа
Былыр-былыр сир иһиттэн магма диэн ууллаҕас маасса тахсыбыт. Онтон сылтаан тулалыыр буора үрэллэн хаалбыт уонна таас буолбут. Ыраахтан көрдөххө, дьон субуруһан баран эрэрин курдук көрүҥнээх туруук таас бөлөҕө.
Булуус
Сайыҥҥы өҥүрүк куйааска да ирбэт тоҥноох, кыһыннары-сайыннары тыга сытар уулаах үрүйэлэрдээх сир. Манна сир анныгар уу киирэн тоҥон, үллэн, хайа тэбэн, элбии турарыттан үөскүүр муус буолар. Булуус Хаҥалас улууһугар баар. Дьон ааттаан-суоллаан сынньана кэлэр.
Тукулаан
Тукулаан – тыал көтүтэ турар, арыт хаппыт бэс уонна лабыкта үүнээйилээх кумах сис. Хайа курдук өрө анньан сытар элбэх кумахтаах. Кэбээйи, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар баар. Чинчийээччилэр: “Өлүөнэ уонна Бүлүү өрүстэр былыргы үөстэрэ, ол иһин өрүс кумаҕа мунньуллубут”, – дииллэр эбит.
«Абааһы балаҕана»
“Абааһы балаҕана” Сунтаар улууһун Тэҥкэ нэһилиэгэр, Бүлүү өрүс хаҥас өттүгэр турар. Хайа сирэйигэр хаһыллыбыт хаспахтаах, аттыгар таас тэллэйдээх. Бу хаспаҕынан хаһан эрэ куосканы ыыппыттара төттөрү кэлбэтэх. Дьикти! Маннык курдук, ол эрэн, маҥан өҥнөөх таас хайалардаах сир Турцияҕа баар эбит.
Дойдубут барахсан олус кэрэ, дириҥ историялаах, араас таайтарыылаах дьиктилээх. Эһиги эмиэ бу курдук тугу билбиккитин сурукка тиһэн биһиэхэ ыытыҥ. Дьиктилээх, дьиибэлээх кэпсээннэргитин күүтэбит!
Билсэр төлөпүөҥҥүт 89142790160.
Бэчээккэ бэлэмнээтэ Нюргуяна Захарова, Надежда Сидорова.