Хоһоон дьикти алыба олус ураты эйгэ. Устар үйэлэр тухары өркөн өйдөр, талба талааннар төрөөн-үөскээн, үйэлээх айымньылары суруйан хааллардылар. Билигин эдэр саас илбиһин, өрөгөйүн уруйдуур, сэмэлиир хоһооннор айыллаллар дуо? Аныгы олохпутугар эдэр бэйиэттэр бааллар дуо? «Бааллар!» — диэн доргуччу этэбин. Кэнчээри Терентьев Нам улууһун Күрэн — Ат нэһилиэгиттэн төрүттээх. 20 саастаах, М.К.Аммосов аатынан Инженернай — Техническэй Институт 1 кууруһун устудьуона.
Аҕам тыа хаһаайыстыбанан дьарыктанар, ийэм библиотекарь этэ. Хомойуох иһин, күн сириттэн күрэммитэ 3 сыла буолла…
Суруйар киһи айар ыллыга тус-туһунан буолар. Кэнчээри хоһоонноругар таптал иэйиитэ истиҥ аргыс буолар. Айымньыларын нөҥүө уйулҕатын арыйар, олоҕун ис хоһоонун, суолтатын быһаарар. Эдэр килбик уол сэмэй иэйиитин, долгуйуутун, сүрэҕин кистэлэҥин хайдах арыйарын кэпсиир:
Айылҕа анаабыт бэлэҕин, талаанын таба туһанабын. Иэйии хаһан, хайдах баҕарар киирэр. Көннөрү сыттахпына, хаама, дьаарбайа сырыттахпына… Өйбөр тыллар киирэллэр. Ону суруйан баран ааҕабын, көннөрөбүн, миэстэлэрин уларытабын. Тута суруйдуҥ да, бэлэм үчүгэй хоһоон тахсыбат. Ааҕааччы эн тиэрдэр санааҕын өйдүөхтээх, бэйэтигэр туһалааҕы ылыныахтаах.
Эн биһи иккиэн ыйдаах сулус курдукпут,
Сиргэ түһэр ый уотугар эн биһи күлүкпүт,
Түүҥҥү халлааны одуулаан көрөбүн,
Эн намыын куолаһыҥ ыраахтан эҥсиллэр,
Мин ону истэр баҕаттан туран иһиллиибин,
Сырдык толору ыйдаах киэһэлэргэ
Дьоллоох буолар эбиппин ол иһин.
Оҕуруо оҥкулбун сааһылыый
Кэннигиттэн кэлэн сылаастык кууһабын,
Оҕолуу сэмэйдик иэдэскэр сыстабын,
Көҕүспүн, уоскутан, кэҥэтэр буолаҕын,
Оҕуруо оҥкулбун сааһылаан ылаҕын.
Дьоллоо миигин мичээргинэн,
Иэйэн туран кэпсииргинэн,
Минньигэс тылы этэргинэн,
Сылаастык истиҥник көрөргүнэн.
Кууһабын нарыннык бигээммин,
Бэрсэбин күн кыырай санаабын,
Сырабын-сылбабын уураммын,
Эн тускар чыпчааллары дабайаммын.
Ардах кыыс
Кыыс ардах, ардах кыыс, барыма,
Эмиэ соҕотох хаалларан саһыма,
Кыралас хаапыла имэрийэ түһүүтэ,
Эмискэ тохтообут алыбын бүтүүтэ,
Барахсаны төттөрү сиргэ хааллара,
Бараммат түбүгү быһаара, таллара,
Кыыс ардах, ардах кыыс, сүтүмэ,
Эрэллээх доҕоргун быһа түһүмэ,
Кылаанньыйан ууллан куус, саарат,
Эриличчи көрөөт хоһуйан унаарыт.
Эйигинэ суох
Тумарык быыһыгар сүттүҥ,
Хааллым соҕотох сайыһа,
Ааспыт олунньу тоҥ кутун
Уулларбат күн-ый былааһа.
Сааскы тыал тулабын ытыйар,
Өй-санаа сүрэхтиин мөккүһэр,
Өйбүнэн өйдүүрбүн, ытыырбын
Ылыммат, сөпсөспөт сүрэҕим.
Эльдар Садовников
1
Наьаа учугэй керерге, истэргэ, аа5арга Кэнчээригэ улахан э5эрдэ☺️