- Сааскы Ньукуолун. Ыам ыйын 22 күнэ – сайын кэлбитинэн ааҕыллар. Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн олорор өбүгэлэрбит уһун, тымныы кыһын кэнниттэн баччаларга сүөһүлэрин-астарын илдьэ сайылыкка көһөн тахсаллара.
Ыам ыйын 22 күнүгэр сайын хайдах дьыл буоларын туһунан элбэх билгэ баар. Холобур, ардах түстэҕинэ – үтүө сайын, хатыҥ уута элбэх – ардахтаах сайын. Ньукуолун кэнниттэн тымныы тыаллаах хаар-самыыр түстэҕинэ, сайына сөрүүн, күһүнүн эрдэ хаардыыр.
Оҕолоор, өссө биир интэриэһинэй билгэ баар. Бу күн хас биирдии саха ыалыгар остуолга алаадьы уонна саамай сүрүнэ туох баар буоларый? Саамай сөп. КУС! Онтон эн кус сиэбит буоллаххына, уҥуоҕун быраҕарга ыксаама диэн сүбэлиибин. Ол курдук кус түөһүн уҥуоҕа кыһыл өҥнөөх буоллаҕына – ардахтаах, оттон сырдык буоллаҕына – кураан сайын буолар диэн. Бүгүн биһиэхэ Бүлүү улууһун Тааһаҕар орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ көмөлөстүлэр.
Николаев Саша, VII кылаас. Саша сиэбит куһун түөһүн уҥуоҕа сырдык өҥнөөх, ол аата быйыл сайын — кураан дьыл.
Николаев Сарыал, VII кылаас. Сарыал куһа эмиэ сырдык.
Суханов Айаал, VII кылаас. Айаал сиэбит куһун түөһэ, көрөргүт курдук, эмиэ сырдык.
Дьэ, эрэ доҕоттор Бүлүү диэкки кураан дьыл буолууһук дуу? Сарыал, Саша уонна Айаал бэрэбиэркэлиэхтэрэ. Күндү ааҕааччы, оттон эн сиэбит куһуҥ түөһэ хайдаҕый? Кыһыл дуу сырдык дуу?
Бэлэмнээтэ Кристина Иванова.