Олунньу 4 күнүттэн саха сирин суруналыыстара сэттис төгүлүн ыытыллар «В8. Медиа-акселератор» куурустарыгар үөрэнэ сылдьаллар. Бу бырайыагы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыытылыстыбата уонна глобальнай биисинэс оскуолата өйөбүллээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга министиэристибэтэ олоххо киллэрэр.
Быйылгы үс ыйдаах үөрэххэ ‘Сахамедиа» медиахолдинг, «Сахабэчээт» бэчээт кыһата, «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, «Саха» НКИК, «Ил Түмэн» портал уонна «Ulus.Media» сетевой таһаарыы cуруналыыстара кыттыыны ылаллар. Үөрэх түмүгүнэн хас биирдии хамаанда бэйэтэ саҥа сонун бырайыагы оҥорон көмүскүөхтээх.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Кэскил оҕо бэчээтин кыһатыттан «Кэскил» хаһыат, «Юность Севера» уонна «Чуораанчык» сурунааллар эрэдээксийэлэриттэн, маны таһынан цифровой салаа үлэһиттэрэ үөрэнэ сылдьаллар. Бу туһунан дириэктэр Ольга Семенова иһитиннэрэр:
— Саха суруналыыстыкатыгар маннык элбэх киһилээх, чахчы туһалаах үөрэх 2000 сыллаахха Москваҕа буолбута. Мин онно үөрэҕи саҥа бүтэрдэрбин да, тиксэн турабын. Ити сылларга «Саха» НКИК Афанасий Ноев салайар кэмэ этэ.
Бу сырыыга хардарыта сүбэ уонна сөбүлэһии диэн өйдөбүллээх дьарыктанабыт, сороҕор аһыырбытын да умнан туран. Үөрэхпитин Дьокуускайга саҕалаабыппыт, онтон Москваҕа баран кэлбиппит. Үлэлиирбит быыһыгар билигин өрөбүлгэ эмиэ үөрэнэбит. «Кэскилтэн» алтыабыт.
«В8. Медиа-акселератор» билиҥҥи кэмҥэ тэтиминэн, технологиятынан барсарынан табыгастаах. Күрэстэһэр эйгэни тэрийэллэрин сөбүлээтибит. Миниистир Анатолий Семенов көҕүлээһинигэр бииргэ үлэлиир дьоммутун кыттыһыннардыбыт. Үөрэх түһүмэҕэ бүттэҕин аайы сорукпутун бигэргэтээри, умнууга хаалларбакка хамсааһыны көҕүлүүбүт. Сүрүн сорукпут — сонуну хардарыта үллэстэр тиһиги оҥорсуохтаахпыт.
Киһи күнэ-дьыла, доруобуйата, үлэтэ-хамнаһа, олоҕо-дьаһаҕа хайдаҕыттан көрөн информацияҕа (сонуҥҥа) үөрэр, хомойор, кыһанар, кыттыһар, үллэстэр. Биһиги дойдубут классическай литературатыгар үтүө сонуннаах киһи — ыалдьыт сылдьар ыала диэн биир ситимҥэ тиһиллэр өйдөбүллэр аҕыйаҕа суохтар. Атыттар, бөрүкүтэ суохтар эмиэ бааллар да, ол туһа туспа. Эйиэхэ ордук хайдах сонун кэлэрий уонна онтон сылтаан эн санааҥ хайа диэки иэҕиллэрий? Хайдахтаах да көҥүлбүн дии сананар киһиэхэ дьайыыны көҕүлүүр төрүөт — сонун чугас. Саамай сүрүнэ бу сонун кырдьыга тустаахха суолталаах. Баһыйар суолталаах сонуну ким оҥороруй уонна ол кимиэхэ тиийэрий? Далааһына тоҕо кыараҕаһый, киэҥий? Мин талбыт идэбэр итэҕэли бөҕөргөтүөххэ, кыаҕын сайыннарыахха сөп дуо? Бу да уонна атын ыйытыыларга хоруй көрдүүбүт, оҥоробут, ситиһэбит. Хамаандабар эрэллээхпин, үлэбит тиһигэ кэскиллээх.