Хаҥалас улууһун М.Е.Васильева аатынан 2-с Малдьаҕар орто оскуолатын оҕолоро төрөөбүт нэһилиэктэрин, дойдуларын туһунан суруйаллар. Кэрэ сирдэри хаартыскаҕа түһэрэллэр.
Федоров Спартак хаартыскаҕа дьүһүйүүтэ
Спартак Федоров, 8 кылаас: «Мин төрөөбүт уонна улааппыт дойдум Улахан Аан. Кыра сылдьан Сыырдаах диэн алааска эбээбин кытта сайылыы тахсар этим. Эбээм баарына сарсыарда турарабар итии алаадьылаах көрсөөччү. Оҕолор волейболлаан, сөтүөлээн, оонньоон, сайыммытын бэркэ атаарар этибит.Улахан Аан элбэх алаастардаах буолан, сайын аайы үгүс ыал алаастарга көһөн тахсаллар. Улахан Ааны ис сүрэхпиттэн таптыыбын».
Лиза Осипова, 9 кылаас: «Мин төрөөн, улаатан тахсыбыт дойдум Улахан Аан. Кини кыраһыабай, интэриэһинэй сирдэрдээх. Сылаас, ыраас салгыннаах, кэрэ көстүүлэрдээх. Киэҥ, ыраас уулаах Өлүөнэ эбэлээхпит. Үрдүк таас хайалардаах, алаастардаах. Сайынын от үлэтэ оргуйан турар. Кыһынын ынаҕы-сүөһүнү көрөллөр. Дойдубар киһи сынньанар элбэх кэрэ сирдэрдээх».
Антон Кириллин, 10 кылаас: «Мин төрөөбүт дойдум Саха сирэ. Саха сирэ элбэх баайдаах, кэрэ сирдэрдээх. Бэйэм төрөөбүт сирим Улахан Аан. Улахан Ааҥҥа киирдэххэ, Александр Самсонов-Айыы Уола пааматынньыга көрсөр. Биһиги үрдүк таас хайа үрдүгэр олоробут, онтон Өлүөнэ эбэ көстүүтэ олус үчүгэй».
Лилия Федорова, 11 кылаас: «Хас биирдии киһи төрөөбүт дойдулаах. Ол курдук күндүттэн күндү, кэрэттэн кэрэ, куруутун ахтар саныыр дойдум Улахан Ааным. Кини ураты айылҕата, Өлүөнэ эбэ өрүһэ, сибиэһэй салгына, дьоно-сэргэтэ барыбытын угуйар».
Саша Львова, 11 кылаас: «Мин төрөөбүт дойдум Саха сирэ буолар. Баай айылҕалаах, кэрэ-мааны, үтүө дьоннордоох, ыраас салгыннаах. Ханна да бардарбын таптыыр, ахтар, саныыр сирим буолар. Олус кэрэ, чуумпу остуоруйа дойдутун курдук муус маҥан, тыбыс-тымныы кыһыннаах, куйаас, күннээх сайынаах. Дьоллоох оҕо сааһым ааспыт, өйбөр хатанан хаалбыт дьоллоох түгэннэр барыта төрөөбүт дойдубун кытары сибээстээхтэр».
Алина Аммосова, 5 кылаас: «Мин дойдум саамай кыраһыабай. Айылҕабыт ураты кэрэ. Элбэх кыыл-көтөр баар. Биһиги дьоннорбут үлэһиттэр, хаһан даҕаны сүрэҕэлдьээбэттэр. Биһиги дэриэбинэбитигэр Айыы Уола төрөөбүтэ, кини пааматынньыга баар. Саҥа оҕо саадын оҥорбуттара. Сайын итии буолар. Өлүөнэ өрүспүтүгэр сөтүөлүүбүт. Мин хайаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн: сайын да, кыһын даҕаны. Сайын биһиэхэ ыһыах буолаачы. Ол онно биһиэхэ кэнсиэр көрдөрөллөр. Оскуолабытыгар наһаа кыраһыабай. Учууталлар үчүгэйдик үөрэтэллэр. Минньигэс ас биэрэллэр. Мин төрөөбүт сирбин саамай таптыыбын».
Алексеева Лейла хаартыскаҕа түһэриилэрэ