Россияҕа электроннай паспоры 2023 сыл тохсунньутуттан биэрэри былаанныыллар. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
Иһитиннэриини Россия ис дьыала министиэристибэтин Миграция боппуруоһугар сүрүн управлениетын салайааччыта Валентина Казакова тириэртэ.
Кини этэринэн, билигин электроннай паспоры толоруу уонна биэрии ирдэбилэ оҥоһуллар.
«Саҥа көрүҥ паспоры биэрии баҕа өттүнэн оҥоһуллуоҕа. Ол эрэн, сабаҕалаан көрдөххө, бастакы түһүмэххэ ахсаана 100 тыһыынчаттан намтыа суоҕа», — диэн управление салайааччыта чопчулаата.
Электроннай паспоры 14 саастарыттан баҕа өттүнэн ылыахтара.
Юридическай өттүттэн көрдөххө, электроннай да, кумааҕы да паспорт балаһыанньата тэҥ буолара бэлиэтэнэр.