Сыл аайы Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр Маҕарас бөһүөлэгэр «Туллукчаана» оҕо уһуйааныгар «Көмүс мастаах түһүлгэ» үрдүк тэрээһиннээхтик ааһар. Бу кырачаан мадьынылар сылы быһа долгуйа кэтэһэр, күүтүүлээх күрэхтэрэ. Тэрийээччи — уһуйаан сэбиэдиссэйэ Айтал Дмитриевич Никаноров.
Көрүҥ эрэ, хайдах курдук кыһаллан-мүһэллэн кырачаан мадьынылар мас тардыһалларын!
Кытаанах киирсии түмүгүнэн, саастарынан кыайыылаахтар ааттанан, мэтээллэринэн, грамоталарынан уонна минньигэс бэлэхтэринэн наҕараадаланаллар.
Кырачаан мадьынылар улаатаннар, аны улахан түһүлгэҕэ бэйэлэрин өссө да ааттатыахтара диэн эрэнэ хаалыаҕыҥ.