Биһиги 5 кылааска үөрэнэбит.Ааспыт сайын кылааска бииргэ үөрэнэр уолбут,Сережа Дедюкин Баайаҕа нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи «Мандар Уус» лааҕырыгар сылдьан саха быһаҕын оҥорбута.
Мандар Уус диэн кимий?
Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус диэн Таатта улууһа барыта ытыктыыр киһитэ. Улахан уус.
Кини биһиэхэ өбүгэлэрбит историяларын, саха быһаҕын хайдах оҥорор туһунан кэпсээбитэ.
Бу лааҕырга хаһыа буолан сырыттыгыт, тугу уһанныгыт?
Биһиги сылдьар кэммитигэр 5-н 10-с кылааска диэри уон биир уус уол сылдьыбыта: (Баайаҕаттан, Дэбдиргэттэн, Ытык-Күөлтэн, Дьокуускай куораттан).Сорох уолаттар быһах, сорох уолаттар хомус оҥорбуттара.Мин бэйэбэр саха быһаҕын оҥордум.
Бу быһаҕы хайдах оҥордун?
Бастаан түөрт муннук уктаах синньигэс хаптаҕай тимири ылбыппыт.Станогу, өтүйэни туттубуппут.Форматын оҥорбуппут, тааптайбыппыт, шкуркалаабыппыт.Угун удьурхайынан , кыынын тириинэн оҥорбуппут.Уустар көмөлөһөллөр этэ.Миэхэ Неустроев Петр Петрович -Айаана уус көмөлөспүтэ.
Бэйэн быһах оҥорон астыннын дуо?
Бэйэм быһах оҥорон астынным,үөрдүм. Ийэм ас астыырыгар туһанар. Саха быһаҕын оҥоһуутун билбиппэр, Борис Федорович Неустроевка уонна лааҕыр бары үлэһиттэригэр махтанабын. Сережа, эн саха быһаҕын бэйэн оҥорбуккун көрөн, олус соһуйдум дии. Инникитин даҕаны өбүгэбит үтүө үгэһин утумнуу тураргар баҕарабын.
Таня Луковцева,
Игидэй орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ.