Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай былааҕа 1992 сыл алтынньы 14 күнүгэр СӨ Верховнай Сэбиэтин 15 сессиятыгар бигэргэммитэ.
Былаах 4 өҥнөөх, ол курдук: от күөх — уйгу-быйаҥ, халлаан күөх — ыраас эйэлээх халлааны, кыһыл — олох кэрэтин ойуулуур, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолууну — бэлиэтииллэр. Оттон былаах үөһэ ортотугар үрүҥ күн — өбүгэлэри кытары ситими көрдөрөр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай былааҕын дьүһүннэрэ Арассыыйа Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын өҥнөрүн кытары дьүөрэлэһэр. Ол аата Арассыыйаны кытта биир сомоҕо буоларын көрдөрөр.
Биллиилээх худуоһунньуктар Л. Д. Слепцова, М. Г. Старостин уонна А. П. Захарова кыттыгас айымньылара. Бу талааннааах дьон былааҕы ыллылар да бэйэлэрэ уруһуйдаабатахтара, айар үлэлэригэр үөһэттэн Айыы Таҥараттан кэлэр бэлиэлэри эркээйи оҥостуммуттара саарбаҕаламмат.
https://www.sakhaparliament.ru