Дьокуускай куоракка сайыҥҥы лааҕырдар миэстэлэригэр сыл устата үлэлиир оскуолалар тутуллаллара былааннанар. Бу туһунан Куорат Дууматын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«ВЭБ.РФ судаарыстыбаннай корпорацията кыттыылаах уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр эбии миэстэлэри тэрийэр туһунан Градостроительнай регламеҥҥа уларытыылары киллэрэргэ этиллэр», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
Ол туһугар, Дьокуускай таһынааҕы оҕо сайыҥҥы лааҕырдарын саҥардыы ыытыллыаҕа. Каландарашвили аатынан, «Спутник», «Бинго», «Родничок» лааҕырдар оннуларыгар сыл устата үлэлиир оскуоларар тутуллуохтара.
Сайыҥҥы өттүгэр лааҕыр, оттон кыһыҥҥы өттүгэр оскуола буолара бэлиэтэнэнэр. Эбийиэктэри үлэҕэ киллэрии 2024 сылга былааннанар.