Соторутааҕыта ырыаһыт кыысчаан Айыылана Степанова Москва куоракка XI төгүлүн ыытыллар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Белая трость” диэн аһымал бэстибээлгэ кытта бараары сылдьарын туһунан кэпсээбитин таһаарбыппыт. Кини: “Дойдубар кэллэхпинэ, хайаан да сонуммун үллэстиэм”, – диэн тылын биэрбитэ. Ону быһа гыммакка, бүгүн көтөн кэлээтин кытта кэпсэтэ сырыттыбыт.
— Айыылана, төһө бэркэ сылдьан кэллиҥ?
— Олус үчүгэйдик, умнуллубаттык сылдьан кэллим. Москва куорат устун күүлэйдээн, Азимут Олипмик отельга олорон, бассейҥҥа дуоһуйа сөтүөлээн, мусуойга сылдьан, талааннаах оҕолордуун билсиһэн, сүргэлиин көтөҕүллэн, дойдубар эргилинним.
— Бэстибээл хайдах ааста дии санаатыҥ?
— Быйылгы бэстибээлгэ пандемиянан сибээстээн, 29 эрэ оҕо кытынна. Тэрийээччилэр, ырыаһыттар, волонтердар хас биирдии кыттааччыны кытта кэпсэтэн, сыаналаах бириистэри бэлэхтээн, хаартыскаҕа түһэн, бириэмэ олох биллибэккэ ааста.
— Көрөөччүтэ суох сыанаҕа ыллыыр ураты буолуо…
— Биллэн турар, соччото суох курдук. Тыыннаах ытыс тыаһын киһи истибэт. Ол эрээри тула өттүн камера буолан, син биир олус долгуйаҕын.
— Анита Цойдуун толорбут ырыаҕыт төһө табылынна?
— Биһиги ырыабытын тус-туһунан эрдэттэн уһулан бэлэмнээбиппит. Онон, режиссер Ирина Усачева да, бэйэбит да олус табыллан ылламмытыттан астынныбыт. Анита Цой былааччыйабыт өҥө биирдик түбэспитин көрөн, үөрэ соһуйбута.
— Кинилиин дьиҥ олоххо алтыһар хайдах эбитий?
— Ырыабыт кэнниттэн гримеркаҕа атах тэпсэн олорон, отучча мүнүүтэ кэпсэппиппит. Анита олус сэмэй уонна үөрүнньэҥ киһи эбит. Миэхэ икки диискэтин бэлэх ууммута. Кыайыы 75 сылыгар аналлаах иккис хомуурунньугар быйыл саҥа тахсыбыт ырыалара киирбиттэр эбит. Ону тэҥэ, олунньу ыйга бэйэтин кэнсиэригэр ыҥырбыта. “Туохтан да толлубакка инниҥ диэки баран ис, куруутун үөрэ сырыт”, – диэн алгыы хаалбыта.
— Бэстибээл биир сүрүн тэрийээччитэ Диана Гурцкаялыын уопсай ырыа ыллыахтаах этигит дии?
— Былаан быһыытынан кыттааччылар кинини кытта икки ырыаны ыллыахтаах этибит. Мин ону олус күүппүтүм. Ол эрээри, хомойуох иһин, пандемия буолан, ыллаппатылар.
— Үрдүк таһымнаах бэстибээлгэ кыттан кынаттанан кэллэҕиҥ. Инникигэр туох былаан үөскээтэ?
— Ыллаабытым курдук ыллыы сылдьыаҕым. Төһө кыалларынан дьоммун-сэргэбин саҥа ырыаларынан үөрдэ-көтүтэ туруоҕум.
Кэпсэттэ Вера Петрова