Нина Алексеевна Егорова Ньурба улууһун Чаппанда нэһилиэгэр олорор. «Кэнчээри» оҕо саадыгар музыкальнай салайааччытынан үлэлээбитэ. Оҕолорго анаан айбыт, суруйбут ырыаларын сэргээҥ, ыллаан-туойун!
Күөрэгэй
Моисей Ефимов тыллара
Кыракый кырачаан
Күөрэгэй чыычаах
Дьиэрэйэр бэрт чаҕаан
Дьикти ырыалаах.
Хос ырыата:
Дьири-дьири-дьир
Дьири-дьири-дьир
Дьири-дьир
Диир чыычаах.
Дьуру-дьуру-дьур
Дьуру-дьуру-дьур
Диир чыычаах.
Күөх отум быыґыгар
Күөэгэй түһэр
Үүт үкчү оҕолуу
Үөрүүнү иэйэр.
Хос ырыата.
Кулунчук
Степан Кустуктаанап тыллара
Нарын намчы бэйэлээх
Наһаа сэргэх көрүҥнээх
Куударалаах кутуруктаах
Куотар быһый атахтаах.
Оонньохолуур кулунчук
Ойор-тэбэр кулунчук. 2 төгүл.
Сүүрэн-көтөн мэниктиир
Сүүрүк курдук дьиэрэйэр
Онтон оннун булунар
Оҕо курдук утуйар.
Хос ырыата.
Кулгаахтара чэрэҥниир
Кустуктана элэҥниир
Кырдалыгар дьаарбайар
Кыталыктыы кынтайар.
Хос ырыата.
Кэрэ-нарын дьүһүннээх
Кистиир, эмэр идэлээх
Саха ыалын кэскилэ
Дьөһөгөйүм бэлэҕэ .
Хос ырыата.