2014 сыл сэтинньи ыйыгар «Фантазердар» ансаамбыл 1 №-дээх оҕо исскуствотын оскуолатыгар эбии үөрэхтээһин “Хорунан ыллааһын” хайысхатыгар олоҕуран тэриллибитэ. Алын сүһүөх уолаттарын түмэн, ыллыыр-айар талааннарын, дьоҕурдарын сайыннаран, муусукалынай-эстетическэй билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатарга сыаллаах кэлэктиип.
Светлана Гавриловна Антоева талааннаах салайааччы, ансаамбылы тэрийээччи. Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна. Кэрэ эйгэҕэ уһуйар учуутал үлэтин ис сүрэҕиттэн таптыыр буолан, үгүс сылга мунньуммут уопутунан үөрэтэр оҕолорун өссө да элбэх сылларга үрдүккэ, сырдыкка таһаарыа.
– Ыллааһын муусука искусствотын биир табыгастаах көрүҥэ. Ансаамбылга ыллыыр оҕо истэрэ, куолаһа тэтимнээхтик сайдар. Билигин оҕолор сыанаҕа тутта-хапта сылдьыылара, куоластара лаппа тубуста. Ансаамбыл 2019 сылга 5 сылын билиэтээтибит. Оҕо кэлэктиибэ буоларын быһыытынан, сылтан сыл аайы састааппыт уларыйар. Уол оҕо буолалларын быһыытынан эппиэтинэстээх, көнө майгылаах, сайаҕас санаалаах, дириҥ толкуйдаах буолалларыгар иитэбит.
Анна Владимировна Канина концертмейстер. Норуоттар икки ардыларынааҕы, Россиятааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи муусука куонкурустар лауреата. Хас биирдии оҕо талаанын таһаараары, сонунтан-сонун сүүрээни көрдөөн, араас репертуары үөрэтэн ыллатар.
– Оҕолорбут олус да сайдыбыттар, бары сир симэҕин курдуктар. Хас сылын аайы оҕолорбут ыллыыр репертуардара элбээн иһэр. Араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабыт. 1 №-дээх оҕо исскуствотын оскуолатыттан саҕалаан судаарыстыбаннай органнар, олохтоох салалтатын ыҥырыыларыгар ыллыыбыт. Ону таһынан үтүөнү оҥорор аахсыйаларга үөрүүнэн кыттабыт.
Олус эйэлээхпит
– Ансаамбыл оҕолоро кэнсиэргэ ыллыыбыт, куонкурустарга кыттабыт. Ол кэнниттэн тута күлэн-үөрэн, кэпсэтэн киирэн барабыт. Уолаттар кэлэктиппит иһигэр наһаа истиҥ сыһыаннаахпыт, олус эйэлээхпит, этиспиппит-охсуспуппут диэн соччо суох. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөбүт. Бары бииргэ түмсэн, айылҕаҕа сынньана барааччыбыт. Төрөппүттэрбитин кытта Өлүөнэ очуостарыгар сылдьыбыппыт. Саҥа дьылы уолаттар тэҥҥэ билиэтиир үтүө үгэстээхпит.
“Если бы я был миллионером” диэн кыра уолаттар баҕа санааларын туһунан ырыаны толорбуппут. Ол кэннэ биһиги үгүстүк саныыр, дьиҥнээхтии буолбатаҕы, суоҕу айан, фантазиялыыр буоламмыт “Фантазердар” диэн ааттаммыппыт.
Оҕолорго баҕарыам этэ, «Кэскил» хаһыаты ааҕыҥ! Элбэх сонуну билиэххит, үгүс кэпсээни кытта билсиэххит. Муусуканы таптааҥ, истиҥ, элбэхтик ыллааҥ
Веня Величенко, III кылаас.
Былааммыт үгүс…
– Биллэн турар, ханнык баҕарар айар кэлэктипкэ, «Фантазердар» ансаамбылга инникигэ былаан үгүс. Көрөөччүлэр, оҕолор сөбүлээбит ырыаларын түмэн, диискэ таһарыахпыт. “Оҕолор – оҕолорго” диэн үтүөнү оҥорор аахсыйа чэрчитинэн, Дьокуускай куорат үөрэх кыһаларыгар кэнсиэрбитин салҕыыбыт. Ону таһынан, араас куонкурустарга кыттарга өрүү бэлэммит. Муусуканы истэрин, ыллыырын сөбүлээбэт киhи бу аан дойдуга суоҕа буолуо. Ол көмөтүнэн саныыр санаабытын, ис турукпутун, тулабытыгар баар айылҕа кэрэ көстүүтүн тиэрдиэхпитин сөп.
Артавазд Папоян, V кылаас.
Ыллыырбытын сөбүлүүбүт!
– Мин сэттэ сааспыттан ыллыыбын. Фортепианоҕа оонньуубун. Кылааһым оҕолоро ырыаҕа, муусукаҕа сыһыаннаах буоланнар, миигин бу эйгэни баһылыырга көмөлөспүтэ.
Ыллыырбытын олус сөбүлүүбүт! Биһиги элбэх куонкуруска кыттыбыппыт. Былырыын Москваҕа “Звуки и краски столицы” XII норуоттар икки ардыларынааҕы күрэххэ II истиэпэннээх лауреат буолбуппут. Оттон Турция киинигэр “Child Festival” оҕо бэстибээлигэр өрөспүүбүлүкэбит чиэһин көхтөөхтүк көмүскээбиппит. Көрөөччүлэр олус сөбүлээн, дохсун ытыс тыаһынан биһирээтилэр.
Самсон Дьячковский, IV кылаас.