Ксения Прокофьеваны көрөөт, киһи кинини «бэйэтигэр эрэллээх, холку, киэҥ-дэлэгэй» диэн тылларынан бэлиэтиэн баҕарар. Төһө да ыраах Дьааҥыга олордор, Ксения киэҥ билиилээх, туохтан да толлон-чугуйан турбакка, барытыгар киирсэн иһэр майгылаах. Онон кини туруоруммут сыалын барытын толоруо диэн эрэнэбит.
“Программирование математиканы санатар”
Ксения Прокофьева, X кылаас (Баатаҕай, Дьааҥы):
— Мин хайысхами – 3Д-моделирование. Арай биирдэ черчениеҕа учууталым эттэ: “Ксения, 3Д-моделирование диэн саҥа хайысха баар. Эн черчениеҕа үчүгэйгин. Боруобалыаххын баҕарбаккын дуо?” Мин сөбүлэһэн, “Компас 3Д” бырагырааманы баһылаабытым. Намҥа буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи черчение олимпиадатыгар кыттыбытым. Сорудахтара ыарахан этилэр. Изометрияны оҥорон баран, уруһуйга көстүбэт сурааһыннары булуохтааххын.
Программированиеҕа эмиэ киирэн эрэбин. С++ тылы үөрэттим. Хайдах эрэ математиканы санатар эбит. Формуланы таһаараҕын, булаҕын. Математиканы үчүгэйдик билэбин дии саныыбын, туйгуммун. Математиканан уонна химиянан үлүһүйэбин. Москваҕа үөрэниэм диэн былааннанабын уонна онно үлэлии хаалыахпын баҕарабын. Оттон Баатаҕай? Ээ, суох, хаалбаппын.
Иллэҥ кэммэр “Головоломканы” оҥоробун, паззлы таҥабын. “Ренобе” манганы, “Стальной алхимик” анимены көрөрбүн сөбүлүүбүн. Дьиэбэр ас астыыбын, ордук эт стейк уонна араас минньигэс десертэрим табыллаллар.
Таисия Алексеева.