СӨ спордун ХХ үйэҕэ лаураета, Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Николай Николаевич Саввинов XXIV турнирыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии буолла. Манна ыраахтан-чугастан 281 дуобаччыт кытынна. Булугас өс, сытыы толкуй спордун сайдыытыгар бу тэрээһин кылаата улахан.
Оҕо өйүн сайыннарарга дуобат — бэртээхэй спорт. Николай Саввинов — 64 харахтаах дуобакка ССРС спордун уонна ФМДЖ (дуобат аан дойдутааҕы федерацията) маастара, Саха сирин 13 төгүллээх чемпиона, Россия 1967 сыллаах, Европа ветераннарын 2006 сыллаах боруонса призера, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. Кини аатынан күрэхтэһии оҕолорго үгэскэ кубулуйда. Саха оҕолоро дуобакка ордук маастара тахсар. Манна түргэн сытыы толкуй ирдэнэр.
1 миэстэ.
2 миэстэ
3 миэстэ
Кыайыылаахтар Н.Н. Саввинов мэтээлинэн, грамотанан, итиэннэ чаанньык, өтүүк, тепловентилятор, фонарик курдук сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Түөрт бөлөххө 10 иһигэр киирбит оҕолор анал бэлэҕи туттулар.
Бу туһунан сиһилии «Кэскил» хаһыат саҥа нүөмэригэр ааҕаарыҥ.
Ааптар: Павел Ильин
Василий Пак хаартыскалара