Өбүгэлэрбит үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит сүдү баайдара, киһи аймах чулуу айымньыта – Олоҥхо. Ол курдук, Олоҥхо күнүн көрсө, оскуолабыт алын сүһүөх кылааһын (1, 2, 3, 4 кылаас) үөрэнээччилэригэр «Салгыы уруһуйдаа» диэн дириҥ ис хоһоонноох, сэргэх айар дьарык ыытылынна.
Бу тэрээһин сүрүн сыала – үүнэр көлүөнэҕэ төрөөбүт төрүт тылбыт сүмэтин уонна уус-уран кэрэтин иҥэрии, олоҥхо алыптаах дойдутун нөҥүө оҕолор толкуйдуур, айар-тутар дьоҕурдарын арыйыы буолар. Үөрэнээччилэр олоҥхо ис хоһоонун, үс дойду тутулун, күүстээх-уохтаах бухатыырдар уонна кэрэ куолар уобарастарын бэйэлэрэ хайдах көрөллөрүнэн, истэллэринэн уонна сүрэхтэринэн ылыналларынан сиэттэрэн, салгыы уруһуйу ситэрэн көрдөрдүлэр.
Хас биирдии оҕо үлэтэ бэйэтэ туспа тыыннаах, ураты эйгэлээх. Оҕо ыраас дууһатыттан, олоҥхо дьикти эйгэтигэр уйдаран туран айбыттара-туппуттара уруһуйдарыттан тута көстөр.
Маннык тэрээһиннэр оҕо төрүт култууратыгар тапталын күүһүрдэллэр, айар кутун уһугуннараллар диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо.
Кэскил14.ру
Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолата
