Балаҕан ыйа – күһүҥҥү бастакы ый. Бу ый иккис аата – биэһинньи. Биэс сыыппараны кытта ситимнээх. Биэс сыыппара сырдык уонна хараҥа ыпсыытын бэлиэтиир. Балаҕан ыйыгар сайылыктан көһөн, кыстыкка бэлэмнэнэллэрэ. Оттугу, аһы-үөлү хааччыналлара. Хаһаайыстыбаны кыһыҥҥа анаан хаттаан оҥостоллор, тэринэллэр. Бу ыйга идэ, сатабыл үөскээбитэ. Ол иһин, бу ыйы идэлээх олох ыйа дииллэр.
Төрүт үгэс. Сиэр-туом Улуу Суорун
Улуу Суорун бэһис халлааҥҥа олорор Айыы. Кини биир курдук эрээри, сэттэ дьүһүннээх. Сэттэ ини-бии буолан көстөр. Идэни төрүттүүр. Дьиэ-уот кыһыҥҥы уотун төрдө. Хараҥа, тымныы кэмҥэ сырдыгы саҕар. Улуу Суорун иккис аата Улуу Тойон диэн.
Алгыһа
Сүлгүр, сүлгүр, сүлгүр!
Идэни биэрээччи,
Айары анааччы
Улуу Суорун Тойон эһэбит,
Бэттэх көрөн Мичик гын!
Дом.
Бу ый 23 чыыһылатыгар күн күһүҥҥү тэҥнэһиитэ – Тэйилгэ буолар. Сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэр. Күн күһүҥҥү тэҥнэһиитигэр Улуу Суоруҥҥа ыһыах ыһаллар. Ол ыһыах аата – Тэйилгэ. Ол кэнниттэн хараҥа күүһүрэр. Балаҕан ыйыгар Орто дойдуга Улуу Суорун суолтата улахан.
Ойуута: суор.
Айыы санааҕа суор-ытык көтөр. Ол маннык буолбут. Хоролор уу сукка хаайтарбыттар. Ханна да барар сирэ суох, тоҥон өлөллөрө буолбут. Ыксаабыттар. Онуоха суор көтөн кэлбит. Тумсугар хатат ытырыылаах. Ити кэлэн хататы хоролорго түһэрбит. Онон уот саҕан, хоролор тыыннаах хаалбыттар.
Сүрүннүүр тыла: сүлгүр! Айыы санааҕа «сүр күүр!» диэн суолталаах. Сүрү күүһүрдэргэ туттуллар.