Бүгүҥҥү кэпсэтиибит – А.В.Дмитриев аатынан Ой орто оскуолатын дириэктэрэ Корякина Луиза Васильевналыын. Кинилиин оскуола олоҕун, үлэтин уратыларын, оскуолабытын үлэһиттэринэн хааччыйыы туһунан чугастык билсистибит.
- Үтүө күнүнэн, Луиза Васильевна! Биһиги бүгүн эһигиттэн оскуолабытын үлэһиттэринэн хааччыйыы туһунан ыйытыылары бэлэмнээтибит. Оскуолаҕа уопсайа төһө киһи үлэлии-хамныы сылдьарый? Олортон чуолаан учууталлар хастарый?
Үтүө күнүнэн! Биһиги оскуолабытыгар 88 киһи үлэлиир-хамсыыр. Кинилэртэн 57-тэ үөрэхтээх учууталлар буолаллар. Онтон биридимиэттэринэн үөрэтэр учууталбыт ахсаана — 44. Тэрилтэбит ис дьиэтин тутан олорор, оҕо этэҥҥэ сылдьарыгар кыһаллар хаһаайыстыбаннай уонна көмө үлэһиттэрбит эмиэ бэйэлэрин тустарыгар улахан сүбэ, тирэх буолаллар.
- Ханнык биридимиэти биэрэр учууталлар элбэхтэрий? Ханнык биридимиэккэ кадр тиийбэт түгэнэ баарый?
Үөрэх бырагырааматын чааһа элбэҕинэн, биллэн туран, нуучча тылын, математика учууталлара баһыйаллар. Ону тэҥэ оҕо билиитин олугун уурар алын кылааска билигин 6 учуутал баар. Уопсайынан, оскуолабытыгар билигин кадр тиийбэт эбэтэр күчүмэҕэйдэр үөскүүр диэн суох, үөрэх барамайдарынан барытынан учуутал баар.
- Оскуолабытын учууталларынан, үлэһиттэринэн хааччыйыыга бүгүҥҥү күҥҥэ туох ыарахаттар баалларый?
Бүгүҥҥү күн туругунан кадрынан хааччыллыыга улахан ыарахаттар суохтар. Оскуолабыт үлэһиттэринэн, биридимиэттэринэн толору хааччыллан олорор. Биһиэхэ эдэр учууталлар кэлэн олохсуйан үлэлииллэригэр улахан төһүү күүс баар — ол эбэтэр эдэр исписэлиистэр уопсай дьиэлэрэ. Маныаха улуус уонна нэһилиэк дьаһалтата өйөөн, дьиэ-уот өттүнэн көмө оҥоһуллара олус туһалыыр. Ол да иһин бүгүн оскуолабыт толору хааччыллан, биир сүрүн соруктаах — оҕолорбут дириҥ билиини ылалларыгар үлэлии-хамсыы олоробут.
- Эдэр исписэлиистэри дэриэбинэҕэ үлэлэтэ ыҥырарга туох ыарахаттары көрсүөххэ сөбүй?
Эдэр исписэлиистэр тыа сиригэр таҕыстахтарына бастакы күчүмэҕэйинэн олорор дьиэ-уот кыһалҕата буолар. Өскөтүн эдэр исписэлиистэр уопсай дьиэлэрэ суох буоллаҕына, үлэтин саҥа саҕалаабыт киһи кыра хамнаһыттан дьиэ куортамнаан олороро чахчы ыарахан.
Иккиһинэн, үөрэҕи саҥа бүтэрбит эдэр киһиэхэ оҕолору кытта сатаан алтыһара, уруоктарын таһымнаахтык тэрийэн ыытара эмиэ уустуктардаах буолуон сөп. Маннык түгэҥҥэ биһиги оскуолабытыгар үтүө үгэс олохтоммута: хас биирдии эдэр исписэлиискэ сатабыллаах, баай билиилээх наставнигы сыһыарабыт. Наставник учуутал үс сыл устата эдэр кэллиэгэтигэр сүбэ-ама, тирэх буолар, биридимиэтин дириҥэтэригэр уонна кэлэктиипкэ этэҥҥэ киирэн олохсуйарыгар күүс-көмө буолар.
- Биһиги оскуолабытыгар эдэр исписэлиистэри өйүүр үлэ хайдах ыытылларый?
Эдэр исписэлиистэри өйүүр сыалтан оскуолаҕа наставник күүскэ үлэлиир. Ону таһынан методическай холбоһуктарга эдэр учууталлар уопуттаах кэллиэгэлэрин кытта тэҥҥэ үлэлииллэр: наставниктарын уруоктарыгар киирэн үөрэнэллэр, истэллэр, саҥа ньымалары ылыналлар.
Бэйэлэрэ аһаҕас уруоктары ыытан, күрэхтэргэ кыттан сатабылларын сайыннараллар. Уопуттаах учууталлар кинилэр уруоктарыгар сылдьан, үлэҕэ туһалаах, тиһиктээх сүбэлэри биэрэллэр. Маннык үлэ көмөтүнэн эдэр учуутал түргэнник үлэҕэ умсугуйан, бэйэтин кыаҕар эрэнэн үлэлиир.

- Учууталлар идэтийэн сайдалларын, таһымнарын үрдэтэллэрин туһугар туох үлэ барарый?
Учууталлар сыл аайы билиилэрин-көрүүлэрин, сатабылларын дириҥэтэн, таһымнарын үрдэтэн иһэллэр. Араас хабааннаах методическай курстарга үөрэнэллэр, саҥа ньымалары баһылыыллар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ биһиги оскуолабытыгар үрдүкү категориялаах 27, бастакы категориялаах 11 учуутал таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. Категорияны ыларга уонна үрдэтэргэ аҥаардас куурустары ааһыы эрэ буолбакка, бэйэ тус ыстатыйалара, үлэлэрэ бэчээттэниэхтээх, үөрэнээччилэр олимпиадаларга, күрэхтэргэ, конференцияларга ситиһиилээхтик кыттыахтаахтар.
Бу хайысхаҕа барытыгар сүрүннүүр, хас биирдии исписэлиис идэтигэр үүнэригэр сүбэ-ама буолар методист туспа үлэлиир. Кини эдэрдэргэ эрэ буолбакка, бары учууталларга аттестацияны этэҥҥэ ааһалларыгар, идэлэригэр сайдалларыгар дьоһун күүс-көмө буолар.
- Аны уонча сылынан биһиги оскуолабыт каадырынан хааччыллыытын эһиги хайдах көрөҕүтүй? Оскуолаҕа чахчы идэлэригэр бэриниилээх дьон үлэлииллэрин туһугар бүгүн туох олук ууруллуохтааҕый?
Бириэмэ ааһан истэҕин аайы уопуттаах учууталлар үтүө сынньалаҥҥа барыахтара биллэр суол. Ол иһин биһиги эрдэттэн көрө таайан, көлүөнэ ситимин быспат инниттэн, хас биирдии биридимиэккэ уопуттаах учууталлар аттыларыгар эдэр исписэлиистэри үлэлэтэбит. Холобур, нуучча тылыгар, математикаҕа эдэр учууталлар уопуттаах кэллиэгэлэрин кытта бииргэ, сиэттиһэн үлэлии сылдьаллар. Бары барамайга маннык хаамыыны оҥорорго дьулуһабыт.
Эдэр киһи уопуттаах кэллиэгэтин үтүө холобуруттан үөрэнэн, тулуурдаах уонна дириҥ билигистээх буола үүнэр. Билигин үлэлии сылдьар эдэр дьоммут кэлин уопутуран, бэйэлэрэ атахтарыгар бөҕөтүк туран, оҕолорбут уонна оскуолабыт сайдарын туһугар өссө күүскэ үлэлиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит.
- Хоруйдаргыт иһин ис сүрэхтэн махтанабыт! Биһиги оскуолабыт үүнэ-сайда, кэскилэ кэҥии турдун!
Аделина Афанасьева, Айтыына Никифорова
«Этин» медиа киин, Ой орто оскуолата, Хаҥалас
