Түөрт Геройдаах Байаҕантай нэһилиэгэр 2025 сыл ураты суолталаах. Ол да иһин биһиги нэһилиэкпитигэр Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр, улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын сылларын арыйар тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Бу күн 2024 сыл – Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, улууспутугар Аҕа сылларын түмүгүнэн бастыҥнары чиэстээтилэр. Ол иннинэ Байаҕантай нэһилиэгин баһылыга С.И. Егоров эҕэрдэ тылын эттэ. Кини социальнай-экономическай сайдыыга кылаатын иһин Г.В. Егоров аатынан бэлиэни И.И. Вензельгэ уонна дойдутугар сыл аайы күүс-көмө буолар ИП «Саха Вездеход» салайааччытыгар А.Н. Никифоровка ытыс тыаһын ортотугар туттарда.
2024 сыл түмүгүнэн бастыҥнары бэлиэтээһиҥҥэ номинациялары Байаҕантай нэһилиэгин олохтоохторо бэйэлэрэ таллылар. Нэһилиэк олохтоохторун талбыт номинацияларын хаһаайыннарынан кимнээх буоллуларый?
«Сыл бастыҥ көхтөөх дьиэ кэргэнэ» Любовь Семеновна Айсен Андреевич Булдаковтар;
«Сыл бастыҥ тэлгэһэлээх дьиэ кэргэнэ» Светлана Петровна, Влас Власьевич Матвеевтар;
«Сыл бастыҥ оҕо аймах мустар тэлгэһэлээх дьиэ кэргэнэ» Людмила Николаевна, Роман Артемович Шаповтар;
«Сыл бастыҥ спортивнай дьиэ кэргэнэ» Анна Егоровна, Алексей Афанасьевич Никифоровтар;
«Сыл бастыҥ талба талааннаах дьиэ кэргэнэ» Вероника Васильевна, Роман Романович Готовцевтар; «Сыл бастыҥ ситиһиилээх оҕото» Танда орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Уйгун Байаҕантаайап;
«Сыл бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнэ» Алена Никитична, Гаврил Гаврильевич Егоровтар;
«Ветераннар түмсүүлэрин «Далбар Хотуна» Декабрина Афанасьевна Аргунова;
«Сыл бастыҥ активиһа» Семен Гаврильевич Лукин;
«Сыл бастыҥ мецената» Уус Алдан улууһун депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Иннокентьевич Аммосов;
«Сыл бастыҥ мецената» чааһынай предпринимателлэр Айан Ньургунович Никифоров уонна Элла Александровна Готовцева.
2024 сыл түмүгүнэн «Алгыстаах Алаас» түөлбэ (салайааччы Матрена Николаевна Охлопкова) – бастакы, «Сардаана» түөлбэ (салайааччы Анатолий Васильевич Готовцев) – иккис, «Эрчим» түөлбэ (салайааччы Ольга Ивановна Готовцева) – үһүс, «Түмсүү» түөлбэ (салайааччы Акима Владимировна Тимофеева) – төрдүс миэстэ буоллулар.
Бу күн уоппускатыгар кэлэ сылдьар биир дойдулаахпыт, анал байыаннай дьайыылар кыттыылааҕа Руслан Находкин айар киэһэтин бэлэхтээтэ, биир дойдулаахтарыгар ырыа дьоро киэһэтин утары уунна.
Уустук кэмҥэ чэпчэкитэ суох балаһыанньаҕа Ийэ дойдутун көмүскүү сылдьар биир дойдулаахпыт дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтиир үтүө санаатыгар бу күн биһиги дириҥник сүгүрүйдүбүт.
Нэһилиэкпит баһылыга Руслан Ивановичка В.Д. Лонгинов аатынан бэлиэни уонна саха быһаҕын туттарда. Улууспут аатыттан И.И. Аммосов Байаҕантай нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа, Уус Алдан улууһун маастара тутан-хабан онорбут алгыстаах хомуһун туттарда. Бииргэ үөрэммит оҕолоро, учуутала М.П. Ноговицина, тэрилтэ салайааччылара, түөлбэтин олохтоохторо эҕэрдэ суруктарын туттардылар, махтал истиҥ тылларын эттилэр.
Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр, улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын сылын арыллыытын умнубакка өйдүү-саныы сылдьыахпыт.
Туйаара МАМОНТОВА, IX кылаас, «Байаҕантай кэскиллэрэ» юнкорпост,
М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолата, Уус Алдан