Гимназиябыт актыбыыс оҕолоро улахан кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Объединяя лучшее – быть первым!» патриотическай форумҥа баран кэллибит. Бу тэрээһиҥҥэ Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев оскуолаларын ситимин активистара мустубуппут.
СӨ Бырабыыталыстыбатын 2 №-дээх дьиэтигэр форум арыллыытыгар кытынныбыт. Биллиилээх дьон Г.Р. Балакшин, А.И. Ноев, И.В. Юргин, А.Н. Ким-Кимэн уонна А.А. Васильев тыл эттилэр.
Онтон «Россия — моя история» түмэлгэ экскурсияҕа сылдьыбыппыт. Үчүгэй баҕайы экскурсоводка түбэспиппит. Олус өйдөнөрдүк уонна интириэһиргэтэр гына кэпсээбитэ.
Салгыы А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназиятыгар ыалдьыттаабыппыт. Бу оскуолаҕа мин бастакыбын сылдьыбытым, наһаа сөбүлээтим. Кыраһыабай, сахалыы киэргэтиилээх оскуола эбит. Аактабай саалаҕа мустан араас идэлээх, дуоһунастаах дьон лиэксийэлэрин иһиттибит. Холобур, геофизик И.И. Христофоров климат уларыйыытын, ирбэт тоҥ мууска хайдах дьайарын кэпсээбитэ, Г.Д. Гасанбалаев Уһук Илиҥҥи регионун инники сайдыытын туһунан иһитиннэрбитэ.
Киэһэлик оҕолору кытта билсиһии киэһэтэ тэриллибитэ. Хас биирдии оскуола актыыбын оҕолоро бэйэлэрин билиһиннэрбиттэрэ. Онтон билсэн-көрсөн баран, үөрэ-көтө үҥкүүлээбиппит.
Иккис күммүтүгэр М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университекка аһаҕас ааҥҥа ыалдьыттаатыбыт. Биһиэхэ анаан устудьуоннар, преподавателлэр араас хайысхалар, үөрэхтэр уонна университет туһунан кэпсээбиттэрэ. Онон элбэх саҥаны биллим-көрдүм. Бу тэрээһиннэртэн А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй туһунан киинэ көрбүппүт өйбөр хатанна. Олус интэриэһинэй, дириҥ ис хоһоонноох этэ.
Куоракка сырыыбытын мин олус сөбүлээтим. Лиэксийэлэри интэриэһиргээтим, үгүс саҥаны биллим. Сахабыт сирэ үгүс киһи киэн туттар, чулуу дьоннооҕуттан киэн тутуннум. Инникитин дойдум сайдарыгар тус кылааппын киллэрэр баҕа санааланным.
Маша СИБИРЯКОВА, X кылаас, «Тумус кыһа» медиа-киин,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията