Оскуолабытыгар IV-IX кылаас үөрэнээччилэригэр оҕо идэтин сөпкө таларыгар анаан олус интэриэһинэй, умсугутуулаах кылаас чааһа буолан ааста. Тиэмэтэ олус интэриэһинэй – «Физика үөрүйэхтэрин уонна электрическэй сүүрээнтэн куттал суох буолуутун туһунан»диэн.
Кылаас чааһын «Якутскэнерго» (РусГидро) хампаанньа сүрүннүүр инженерэ Эдуард Всеволодович Иванов ыытта. Кини физика сокуонугар олоҕуран, араас уопуттары көрдөрдө.
Үөрэнээччилэр көхтөөх кыттыыны ылан, араас прибордары тутан-хабан көрдүбүт. Бэйэбит кыракый мотуору үлэлэтэн, олус диэн астынныбыт. Элбэх саҥаны биллибит.
Эдуард Всеволодовичка махталбытын тиэрдэбит.
Туйаара МАМОНТОВА, IX кылаас, «Байаҕантай кэскиллэрэ» юнкор пост,
М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолата, Уус Алдан