Сэтинньи 14 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар кэнсиэр буолан ааста. Бастакы кылаастан 11 кылааска диэри оҕолор бары кыттыыны ыллылар.
Бастакы кылаастар ≪Теремок≫ остуоруйаны үҥкүүлээн көрдөрдүлэр. Иккис кылаастар дьиэ кэргэн туһунан кыраһыабай баҕайы ырыаны, үһүс кылаастар ≪Мама≫ диэн ырыаны ийэлэригэр анаан ыллаатылар. Төрдүстэр ≪Сайын кэллэ≫ диэн ааттаах ырыаны ыллаан, сайыммытын санаттылар.
Бэһис кылаастар хор буолан ≪Ля-Ля Жу-Жу≫ ырыаны олох үчүгэйдик ыллаатылар.
Алтыс кылаас оҕолоро наһаа үчүгэй ≪Уол-кыыс, кыыс-уол≫ диэн сыаҥка көрдөрөн, көрөөччүлэри күллэрдилэр. Сэттистэр ≪Сибэкки≫диэн ырыаны наһаа кэрэчээнник ыллаан таҕыстылар.
Ахсыс кылаастар ≪Дьоллоох эбиппин≫ ырыаны ыллаабыттарыгар көрөөччүлэр кытта тэҥҥэ ылластылар. Тохсус кылаастар бары тэҥҥэ куустуһан туран ≪Муорабын≫ диэн ырыаны ыллаабыттара туспа кэрэ нүөмэр буолла. Онус кыластар ≪Күөх халлаан≫ ырыаны наһаа үчүгэйдик ыллаан иһитиннэрдилэр, учууталларын сахалыы ыллыырга үөрэппиттэр. Уон биирис кылаастар наһаа үчүгэйдик саха үнкүүтүн көрдөрдүлэр, учууталлара тэҥҥэ үнкүүлэстэ.
Хас биирдии кылааска туоһу сурук туттардылар.
Аныгыскы кэнсиэр сэтинньи 30 күнүгэр буолуохтаах. Оҕолор өссө үчүгэйдик бэлэмнэнэн, нүөмэрдэрин чочуйан сэргэх кэнсиэри көрдөрүөхтэрэ диэн эрэнэбит.
Мантан ыла маннык кэнсиэрдэр оскуолабытыгар үгэс быһыытынан ыытыллар буолуохтара.
Алена НОЕВА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы