Мин Арҕаа Хаҥалас III Малдьаҕар нэһилиэгэр 1927 с. балаҕан ыйын 10 күнүгэр элбэх оҕолоох орто сэниэ ыалга бэһис оҕонон күн сирин көрбүтүм.
1941 с. Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар сылыгар бэһис кылааһы бүтэрбитим, сэриигэ барбат дьону солбуйан күн тахсыаҕыттан киэһэ им сүтүөр диэри үлэлиирим. Сэрии сылларыгар уот кураан туран аччыктааһын да баара, ону ол диэбэккэ колхоз араас үлэтигэр хаалбыт дьону кытта, үксэ оҕонньоттор, дьахталлар, оҕолор буолаллара, түүннэри-күнүстэри кыайыы туһа диэн үтүө суобастаахтык кыһаллан туран, нуорма толоро сатаан үлэлиирбит.
Мин 1945 с. бэс ыйыгар Япония сэриитэ саҕаланыан иннинэ армияҕа ыҥырыллыбытым. Иркутскайга Забайкальскайдааҕы байыаннай уокурукка алта сыл сулууспалаан, Япония квонтунскай армиятын үлтүрүтүүгэ кыттыһан, армияттан 1951 с. күһүнүгэр алтынньы ыйга Японияны кыайыы иһин мэтээллээх дойдубар төннөн кэлбитим. Сэрии кэнниттэн дойдубар олох ыарахан этэ, колхозпар үлэлээн барбытым. Кыһыннары субан сүөһү көрөрүм, сайынын от үлэтигэр сылдьарым, сэттэ сыл окко звенону салайбытым.
Барыта сүөһү үлэтигэр 48 сыл үлэлээбитим. Үтүө суобастаахтык, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитим сыаналанан правительство, оройуон бочуотунай грамоталарынан, знактарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмытым. 1981 с. Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ диэн бочуоттаах ааты иҥэрбиттэрэ. Нэһилиэгим, Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕунабын.
Үлэм кэнниттэн элбэх общественнай үлэлэри толорорум. Народнай дружина, табаарыстыы суут председателэ, республика үрдүкү уонна оройуон суутун сэтээтэлэ этим. Кэргэним Октябрина Николаевна эмиэ совхозка, колхозка өр сылларга ыанньыксыттаабыта. Үлэтигэр үрдүк көрдөрүүлэрин иһин элбэх правительственнай наҕараадалааҕа, оройуон советын депутата буола сылдьыбыта.
Борисов Семен Григорьевич сэрии кыттыылааҕын ахтыытыттан
3-Малдьаҕар орто оскуолатын пресс-киинэ