Саха норуотун биир сүрүн дьарыга – балыктааһын буоларын туоһулуур ураты, дьикти былыргы хаартыска ситим куйаарга тарҕанан, дьон болҕомтотун тарта. Хаартыска биир үйэ анараа өттүгэр түһэриллибит диэтэххэ, чуолкайа киһини сөхтөрөр.
Мастаах улууһун (Бүлүү) Хаҕын нэһилиэгин Хочот күөл арҕаа өттүгэр баар улахан өтөх олохтооҕо Афанасий Федотов дьиэ кэргэнин Тамара Колпакова диэн эмчит экспедицията 1927 сыллаахха түһэрбит.
Мин эбэлээх эһэм нэһилиэк биир кырдьаҕас олохтоохторо, сэрии оҕолоро, тыыл бэтэрээннэрэ кэргэннии Евдокия, Василий Филипповтар эппиттэринэн, бу киһи аата Куоҕас Апанаас — Кулгаахтар диэн Семеновтар аҕа уустарын төрдө эбит. Бу ыалы иккитэ түһэрбиттэр. Бииригэр Апанаас аҕыс саастаах кыыһынаан Марыысалыын уонна үс саастаах уолунаан Уйбаанныын саас хаардаахха таһырдьа дьиэлэрин аттыгар тураллара көстөр.
Оччотооҕу кэмҥэ Cахабыт сиригэр саҥалыы Сэбиэскэй былаас олохтонуутугар дьон-сэргэ үксэ бу курдук алаас-алааһынан күөллэр, үрэхтэр бастарыгар олорон, ким ынах сүөһү, сылгы, ким таба иитэн, ким бултаан-алтаан, балыктаан айахтарын ииттэн, таҥастарын-саптарын, туттар малларын-салларын, иһиттэрин-хомуостарын, дьиэлэрин-уоттарын бэйэлэрэ оҥостон, айылҕаттан аһаан-таҥнан, ханна да ырааппакка биир сиргэ бүччүм олордохторо.
Ол туоһутунан мас холбоҕо тоҥоруллубут лыыба астарын көрөбүт. Лыыба диэн күһүн мундуну мас холбоҕо уган сытытан баран, кыһын, саас сииллэр, кэнсиэрбэлээһин көрүҥэ буолар. Колпакова бэлиэтээбитинэн, Мастаах дьоно төһө да куһаҕаннык олордор, сэллик буолбаттар, ол төрүөтүнэн аһыйбыт үүт (тар), балык-лыыба, тиит субата, үөрэ аһылыктаах буолан быыһаналлар диэн быһаарбыт. Онон тыйыс айылҕалаах дойдуга өбүгэбит тыыннаах хаалар туһугар мындыр өйө-сатабыла көстөр.
Хаартысканы өйдөөн көрдөххө, хотонноох, кулуннаах биэлээх, таба көлөлөөх, тирии кымыс иһиттээх, алтан солуурдаах-таастаах, күрүөлээх-хаһаалаах тэлгэһэ көстөр. Хотон үрдүнэн бурдук хатарар туорай мастаах. Утары айахтарын хааччынар хаһаайыстыбалаахтара көстөр. Аҕаларын арбаҕас соно, кыыһынаан тирии таҥастара, хаардаахха сыгынньах турар уол оҕо ыал дьадаҥытын туоһулууллар.
Бу тоҥон кумуччу туттан турар былыргы оҕолорго хаһан да көрбөтөх сырдык хааннаах, күөх харахтаах, атын омук тыллаах, ураты дьикти таҥастаах мааны дьон, кинилэргэ инники олохторо төрдүттэн уларыйар, саҥа олоххо үктэнэр бэлиэ хараҥаччылара буоллахтара. Оҕолор баара-суоҕа биэс сылынан билии кыһата – бастакы оскуола 1932 сылга Хаҕын нэһилиэгин Сардаҥа учаастагар арыллан, саха оҕолоруттан бастакынан үөрэх диэн тугун саҥа билиэхтэрэ. Колхоз тэриллэн, аҕаларынаан учаастакка көһөн киириэхтэрэ, бастакы артыал, онтон колхуос тутаах үлэһиттэрэ буолуохтара. Олохторо биллэ тупсуо. Аҕа дойду ыар сылларын эттэринэн-хааннарынан билиэхтэрэ, эйэлээх олоҕу тутуһуохтара. Афанасий Федотов удьуора Семеновтар Хаҕын нэһилиэгин сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрэллэр.
Виталина Николаева,
VIII кылаас,
Хаҕын орто оскуолата,
Бүлүү