Хас биирдии дьиэ кэргэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит кэриэс маллаах буолар. Оҕо кыра сааһыттан хос эбэтэ, хос эһэтэ тутта сылдьыбыт иһитин-хомуоһун, малын-салын, таҥаһын-сабын этигэр-хааныгар, өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн, төрдүн-ууһун билэ, дьонун-сэргэтин ытыктыы улаатарыгар бигэ тирэх буолара саарбаҕа суох.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» — «Сокровище моей семьи» диэн бырайыагы оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна алын кылаас үөрэнээччилэригэр анаан үлэлэтэр. Салгыы оҕолорбут интэриэстэрэ улаатан, өйдөрө-санаалар дириҥээн төрүччүлэрин үөрэтэр умсугутуулаах үлэҕэ туруналлар.
Бу ситимнээх үлэни өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2024-2025 үөрэх дьылыгар өссө киэҥник тарҕатар сыаллаах «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата «Оҕо уонна ыччат медиатын сайыннарар регионнар икки ардыларынааҕы киин» коммерческайа суох автономнай тэрилтэни (АНО) кытта «Мин дьиэ кэргэним Аҕа дойду историятыгар» патриотическай форум» диэн бырайыагы көмүскээн, быйыл Ил Дархан Гранын ылбыта. Бырайыагы олоххо киллэриигэ сүрүн партнерунан Хотугу норуоттар генеалогияларын уонна этнологияларын чинчийэр институт үлэлэһэр.
Ил Дархан өйөбүлүн ылбыт бырайыак бастакы улахан тэрээһинин алтынньы 21 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Айыы кыһата» национальнай гимназияҕа тэрийэн ыыттыбыт https://vk.com/keskilmedia?z=album-199463452_304676170
«Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа – «Сокровище моей семьи» өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-куонкурус Горнай улууһуттан С.П. Данилов аатынан Бэрдьигэстээх, Күөрэлээх, Хатас, Тулагы, Дьокуускай куорат орто оскуолаларыттан, оҕо саадтарыттан 75 кыттааччыны уонна кинилэр төрөппүттэрин, салайааччыларын түмтэ.
Бу күн кырачаан кыттааччылар хос эбэлэрин, эһэлэрин тутта сылдьыбыт малларын, кэтэ сылдьыбыт таҥастарын олус кичэллээхтик, харыстаан, сылаастык тутан-хабан, ис истэриттэн сырдаан, киэн тутта билиһиннэрдилэр. Хас биирдии кэриэс мал кинилэргэ тугунан да сыаналаммат күндү баай буоларын туһунан киэн тутта этэллэр.
Ааспыт үйэлэри, ол кэмҥэ олорон ааспыт биир көлүөнэ дьонун ситимниир, үүт-маас майгыннаһар маллар кытта бааллар.
Горнай улууһун Күөрэлээх орто оскуолатын II кылааһын үөрэнээччитэ Дамир Иванов хос-хос эбэтиттэн Варвара Степановна Колмогороваттан бэриллэн кэлбит түөскэ кэтиллэр сүрэх-кэриэһин туһунан кэпсээтэ. Бу XIX үйэ бастакы аҥаарыгар оҥоһуллубут кэриэс, ажурнай сыапачакалаах. Илин кэбиһэргэ майгынныыр моһуоннаах. Ханнык уус оҥорбута биллибэт. Билигин Дамир иннигэр ону билэр, чинчийэр сорук турарын кини бэркэ диэн өйдүүр эбит.
«Улааттахпына, бу кэриэс-сүрэҕи өссө үөрэтиэм», – диир.
Дамир хос-хос эбэтиттэн бэриллэн кэлбит сүрэх-кэриэһигэр үкчү майгынныыр түөскэ кэтиллэр кэриэс Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолатын IV «Б» кылааһын үөрэнээччитигэр Света Ефремоваҕа баар. Света хос-хос-хос эһэтэ Николай Саввин XIX үйэҕэ Ньурбаҕа олорон ааспыт. Баһаар кэмигэр дьиэ кэргэнин сүтэрбит. Онон олоҕун саҥаттан саҕалаары Үөһээ Куорамыкы (Верхне-Куорамыкы) диэн сиргэ кэлбит. Саввинов диэн араспаанньатын Багынанов диэҥҥэ уларыттарбыт.
– Хос-хос-хос эһэм Потапов диэн атыыһыкка бэдэрээччигинэн сылдьыбыт. Бодойбонон, Ааллаах Үүнүнэн, оннооҕор Владивосток диэки кытта сылдьан көмүс бириискэлэригэр бородуукта атыылыыр, түүлээҕи батарар, атастаһар, мэнэйдэһэр эбит. Онтон Үөһээ Бүлүүгэ Кэнтик кинээһин кыыһын кэргэн ылбыт. Кэргэнин кытта бастакы Үөдэйгэ олохсуйан, түөрт уоламмыттар. Кини кыра уола Петр Николаевич Багынанов мин хос-хос эһэм буолар, – диэн кэпсиир Света Ефремова.
Хос-хос-хос эһэтиттэн бэриллэн кэлбит сүрэх-кириэһи, сумканы, чүмэчи уурар анал иһити, үрүҥ көмүс ньуосканы Света Ефремова дьиэ кэргэнэ хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьар.
Биир кэмҥэ олорон ааспыт икки араас-араас киһиэхэ баар сүрэх-кэриэс аныгы кэм оҕолоругар былыргы олох историятын чинчийиигэ биир сонун хайысханан буолуон сөп.
Дамир Иванов быыстапка-куонкуруска аҕалбыт өссө биир кэриэс малынан сылабаар буолар. Бу сылабаар кини эбэтигэр кичэллик хараллан турар эбит. Бу 1957 сыллааҕы самабаар.
– «325 лет вхождения Якутии в состав российского государство» диэн суруктаах. Сиэрпэ, өтүйэ, башня уруһуйдаах. Сахалыы оһуордаах. Бу сылабаары мин төрүттэрим 1958 сыллаахха Сииттэ диэн сиртэн Семен Полтятинский атыыһыттан ылбыттар. Ол кэмтэн ыла биһиги аймахха наадалаах күндү мал буолбут. «Улааттаххына бу сылабаары эйиэхэ биэрэбит», — диэн этэр эбээ, – Дамир төрүттэрин сылабаарын имэрийэн ылар.
Үкчү маннык сылабаар Дьокуускайдааҕы национальнай гитмназия II «Б» кылааһын үөрэнээччитигэр Сайаана Поповаҕа баар. Сайаана бу сылабаар тула чинчийэр үлэни ыыппыт.
– Мин эбэбэр былыргы, мээнэ көстүбэт, чоҕунан оргутуллар сылабаар баар. Ойоҕосторугар сахалыы оһуордаах, иннигэр тумуһун үрдүнэн Дьокуускай острога, сиэрпэ, өтүйэ ойуулаах.
Эбэм этэринэн, маннык сылабаар Саха АССР салалтатын сакааһынан соҕуруу оҥоһуллубут уонна тустаах тэрээһиҥҥэ анаммыт буолуон сөп. Сылабаар билигин эбэм даачатыгар баар. Көрөргүт курдук, туруга үчүгэй, биһиги сайын манна чэй оргутан иһэбит, – диэн кэпсиир Сайаана.
Сылабаар туох историялааҕый, Сайаана төрүттэригэр хантан кэлбитэй?
– Мин эбэм Людмила Афанасьевна Попова Мэҥэ Хаҥалас Алтан нэһилиэгиттэн төрүттээх. Бу сылабаар кини балтытын Марфа Афанасьевна Сидорова дьиэ кэргэнигэр өр хараллан сыппыт. Кини кэпсииринэн, сылабаары таайдарыгар Егор Дмитриевич Стручковка биир да сылгыны энчирэппэккэ көрүү-харайыы, элбэх төрүөҕү ылыы иһин махтанан бэлэхтээбиттэр, – диэн кэпсиир Сайаана Попова.
Егор Дмитриевич Стручков диэн кимий? диэн ыйытыы аны үөскүүр.
– Егор Дмитриевич Стручков (1904-1982) Таҥара Мэнигэ диэн аатынан биллэр. Мэҥэ Хаҥалас Алтан нэһилиэгэр Өлөчөйгө олорон ааспыт. 1950 сылтан ыла сылгы иитиитигэр холкуоска Социалистическай Үлэ Геройа А.Е. Степановы кытта биэс сыл бииргэ үлэлээбит. 1948 с. «Саха АССР бастыҥ булчута» буолбут уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Бочуот кинигэтигэр киллэриллибит. 1955 сыллаахха ыам ыйын 6 күнүгэр кини аатыгар Москва куоракка Бүтүн Сойуустааҕы Норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатын (ВДНХ) кыттыылааҕа буолбутун туоһулуур свидетельство суруллубут. Ити сыл ахсынньы 19 күнүгэр Бүтүн Сойуустааҕы Норуот хаһаайыстыбатын быыстапкатын үрүҥ көмүс мэтээлэ бэриллибит. Онон бу сылабаар Егор Дмитриевич Стручковка сыралаах үлэтин иһин өрөспүүбүлүкэ махталын, билиниитин бэлиэтэ буолар, – диэн Сайаана Попова чинчийэр үлэтин түмүктээбит.
Алтынньы 21 күнүгэр «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» куонкурс-быыстапкаҕа көрсө түспүт ааспыт үйэ үлэһит дьонун, олох историятын кэрэһэлиир икки тэбис-тэҥ сылабаардаах эдэр чинчийээччилэр уонна кинилэр салайааччылара элбэҕи кэпсэттилэр. Дамирдаах Сайаананы кытта киэҥ түһүлгэлэргэ, өссө сиппит-хоппут үлэлээх көрсүөхпүт диэн араҕастыбыт.
Аина Константинова Горнай улууһун Сэмэн Данилов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын IV «А» кылааһын үөрэнээччитэ. «Мин төрүччүм 10 чахчыта» диэн чинчийэр үлэни ыыппыт.
– Ол түмүгэр төрүччүм туһунан элбэҕи биллим. Холобур, хос эбэм Дарья Федоровна Атласова кэргэнэ, мин хос эһэм Николай Романович Бачьев Платон Алексеевич Ойуунускай аймаҕа эбит. Бу туһунан өссө салгыы үөрэтэр санаалаахпын. Бүгүҥҥү быыстапкаҕа аҕам эбэтин, мин хос эбэм былааттарын аҕаллым. Хос эбэм Уус Майа улууһугар Эльдикан бөһүөлэгэр олорбут. 1923 сыллаахха төрөөбүт. «Золото Джугджура» тэрилтэҕэ аһынан-үөлүнэн хааччыйар ыскылаакка өр сылларга үлэлээбит.
Манна көрдөрүүгэ икки былааты аҕаллым. Бу коза түүтүттэн оҥоһуллубут. Быһа холоон 1950-1960 сыллаах. Хос эбэм былаата наһаа сылаас, олох эргэрбэтэх, бөҕө баҕайы эбит. Бу былаат ыарахан, тымныы кэмнэргэ хос эбэбин сылааһынан суулаан, харыстаабыта буолуо дии саныыбын.
Онтон бу мааны солко былаат. Хос-хос эбэм Марина Кузьминична Атласова кыыһыгар, хос эбэбэр кэргэн тахсарыгар бэлэхтээбит. 1920 сыллааҕы былаат. Ол аата бу былаат 100-тан тахса саастаах, биир үйэ олорбут былаат. Бу былааттар билигин мин эбэбэр Татьяна Николаевнаҕа бааллар. Бу былааты кини биһиэхэ бэлэхтээбитэ. Онтон 100-тан тахса саастаах былаат эдьиийбитигэр Даяҕа баар. Мин улааттахпына бу былааты салгыы бэйэм оҕолорбор бэлэхтиэҕим, – диэн Аина Константинова харахтыын сырдаан туран кэпсиир.
***
Итинник «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» быыстапка-куонкуруска кыттыбыт 75 оҕо бары төрүт өбүгэлэриттэн тиийэн кэлбит кэриэс малларын туһунан олус интэриэһинэйдик кэпсээтилэр. Хас биирдии үлэ киһи болҕомтотун тардар уратылаах. Оҕолор бу тус бэйэлэригэр сыһыаннаах, күннэтэ дьиэлэригэр-уоттарыгар көрө сылдьар, төрөппүттэрин кытта күннэтэ кэпсэтэр буолан, астынан туран кэпсииллэр. «Бу мантан сылаас кэлэр» диэн имэрийэн ылалларын киһи долгуйа, астына көрөр.
Аһыныгас, үтүө, сиргэ тирэхтээх, сарсыҥҥыга эрэллээх ыччаттары иитэн таһаарыыга бу маннык быыстапкалар көмөлөөх, туһалаах буолуохтарын сөп. Ордук билиҥҥи дьалахааннаах кэмҥэ тирэх буоларбыт – төрүт өбүгэлэрбит.
Маннык быыстапкалары тэрийии оҕо бэйэтин иһиллэнэн, бэйэтэ-бэйэтигэр эргиллэн толкуйдууругар көмөлөөх. Бу аҥардас куонкурус, миэстэлэһии, кыайыылаах, кыайтарыылаах буолуу диэн буолбатах. Бу оҕоҕо анаммыт өй-санаа үлэтэ.
Сардаана МАТВЕЕВА, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата сахалыы таһаарыыларын сүрүннүүр эрэдээктэрэ