Тыа сиригэр олорооһун туһунан хас биирдии киһиэхэ атын-атын толкуйдаах. Онтон мин саҥа үүнэн эрэр ыччат тыа сиригэр олоруу, олохсуйуу туһунан тугу саныыбын?
Мин бэйэм талба талааннаах дьоннордоох, киэҥ сыһыылардаах Күөх Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэр олоробун. Дэриэбинэбэр сир аһын арааһа үүнэр, күннэтэ дьарыгырар дьарыктаахпыт уонна тыа сирин сибиэһэй салгына туохха да тэҥнэспэт дии саныыбын. Сайынын ийэбин кытта сир астыыбын, оҕуруокка уу кутан көмөлөһөбүн. Онтон аҕабын кытта өрүскэ киирэн балыктыыбын, дьиэ тас үлэтигэр тэҥҥэ сылдьыһабын. Ол түмүгэр, кыһын сибиэһэй бэйэ бородууксуйатынан аһыыбыт. Бу олус үчүгэй!
Быйыл сайыҥҥы сынньалаҥым кэмигэр, доруобуйам туругун көрдөрө биир ый куоракка олорбуппут. Оо, онно куорат кыбартыыратыгар тэһийбэккэ тыынныын-быардыын хаайтарбытым, дэриэбинэбин олуһун диэн ахтыбытым. Куоракка талбытыҥ барыта баар, этээстээх улахан дьиэлэр, паарка, болуоссаттар киһини сөхтөрбүттэрэ. Ол эрээри, дойду ахтылҕана күүстээх эбит. Бэйэм олорор сирим-уотум туохтааҕар да күндү. Онон, оскуолабын бүтэрэн үлэһит киһи буоллахпына, дойдубар кэлэн олохсуйуом диэн санаалаахпын.
Тыаҕа да сайдыы барар, кыһалҕа быһаарыллар, олох тупсар. Дэриэбинэҕэ олох күөстүү оргуйар. Онон төрөөбүт дойдугутун таптааҥ, сайыннарыҥ, инникитин дэриэбинэҕэ олохсуйар туһунан толкуйданыҥ!
Анатолий Григорьев, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
«Ыллык» эдкорпост, Хаҥалас, Ньурба.
keskil14.ru