- Сарсыарда хайдах тураҕын?
А) Этиттэриитэ суох бэйэм уһуктабын – 7.
Б) Будильнигым тыаһаата да, тута ойон турабын – 5.
В) Оо, мин диэн улуу утуйаан буоллаҕым дии. Дьонум, ыксаан, суорҕаммын сулбу тардааччылар. Оччоҕо биирдэ эрэ төбөбүн сыттыктан араарабын -3.
- 2. Сарсыардааҥҥы аһылыккын ким бэлэмниир?
А) Бэйэм — 7.
Б) Ким эрдэ суунан-тараанан бүппүт – ол остуолу тардар – 5.
В) Ийэм. Кини суох буоллаҕына, оскуолабар аччык барааччыбын -3.
- Оскуолаҕар хайдах хомунаҕын?
А) Үөрэнэр тээбириннэрбин киэһэ эрдэ уктабын, таҥаспын оҥостобун – 7.
Б) Араас буолааччы. Ардыгар сүрэҕэлдьээтэхпинэ, бэлэмнэммэккэ да барыахпын сөп -5.
В) Суумкабын арыйан да көрөөччүм суох. Хайдах дьиэбэр аҕалбытым курдук, соннук сарсыныгар төттөрү сүгэн барабын.
- Хоскун ким хомуйар?
А) Бэйэм -7.
Б) Ардыгар бэйэм, ардыгар ийэм -5.
В) Бииргэ төрөөбүттэрим эбэтэр ийэм бэрийэр, бэрээдэктиир — 3.
- Тугу таҥнаргын…
А) бэйэм быһаарабын уонна эрдэ бэлэмнээн кэбиһэбин — 7.
Б) ийэбиттэн сүбэлэттэрэбин — 5.
В) тахсаары туран, туох түбэспитин кэтэбин-3.
Баалларгын аах:
15-20. Оо,дьэ, баччааҥҥа диэри отой кыра оҕо курдук эбиккин дии! Төрөппүтэ суох төрүт табыллыбаккын. Барытын кинилэр оҥорон, бэлэмнээн, ыйан-кэрдэн биэрэллэригэр үөрэнэн хаалбыккын. Доҕоор, өйдөөн иһит эрэ: аны аҕыйах сылынан эн, дьоҥҥуттан арахсан, ыраах үөрэнэ барыаҥ. Онно ким да эйигин бу курдук бүөбэйдиэ суоҕа. Бэйэҥ иннигин бэйэҥ көрүнэ сырыттаххына эрэ сатанар. Онон арыый боччумура түһүөххүн наада. Ийэлээххэр сэлээннииргин уҕарыт. Таҥаскын-сапкын, туттар малгын-салгын, уруоктаргын дьарыктаргын, бараргын-кэлэргин бэйэҥ дьаһынар буол.
21-29. Эн, оҕо оҕо курдук, ардыгар дьоһуннааххын, ардыгар дьалаҕайгын. Ол иһин киһи эйиэхэ 100% эрэммэт. Баҕар, умнан, сүтэрэн, хойутаан эҥин хаалыаххын сөп. Ол иһин төрөппүттэриҥ хонтуруоллаан: “Уруоккун аахпытыҥ дуо? Сарсыҥҥы биэчэргэ бэлэмнэнниҥ?” — диэн сураһа, саната, өйдөтө сылдьар үгэстээхтэр. Ол эрээри этиттэриитэ да суох бэйэҥ барытын быһаарар буолан эрэҕин. Маладьыас, кытаат!
30-35. Ийэҥ аах эйигин тэҥнээхтэрин курдук көрөллөр. Эрэнэр буоланнар, тугу гынаргар, ханна сылдьаргар көҥүлү толору биэрэллэр. Ону эн куһаҕан өттүгэр туһаммаккын. Бэйэҥ быраапкын эрэ буолбакка, эбээһинэскин уонна эппиэтинэскин эмиэ бэркэ билэҕин.
Кыра эрдэххиттэн бэйэҕин бэйэҥ көрүнэриҥ, дьаһанарыҥ уонна салайынарыҥ хайҕаллаах. Өрүү маннык дьоһуннаах буол!